Махталлаах буолуу мындыр өй туоһута. Уруккуну умуннахха муммут, ааспыты ахтыбатаххына хаалбыт буолаҕын диэн норуот уос номоҕор илдьэ сылдьар кынаттаах тыллара хайа да тутулга, ханнык да кэмҥэ тоҕоостоох.
Хатаска бу күннэргэ – ыам ыйыгар аан дойдуну атыйах маһыныы ытыйбыт, ытаппыт-соҥоппут, уонунан сыллар тухары ааспат арахпат суойа сытар оспот баас буолбут 1941-45 сылларга буолбут Аҕа дойду сэриитин сиэртибэлэригэр, дойду туһугар тыыннарын толук уурбут, кыргыһыы хонуутугар хаалбыт буойуттарга, сэрииттэн кыайан-хотон кэлэн алдьатыыны-кээһэтиини, айгырааһыны чөлүгэр түһэрэн сайдар суол аартыктарын арыйбыт, көнөр суол төрдүн туппут туруу үлэһит дьоммутугар, тыылга хаалан улахан дьону кытта бииргэ туруулаһан ордубуту, чорбоҕу эрэ буолбакка бэйэлэрэ аччыктаан да тураннар барытын боруоҥҥа, аармыйаҕа ыыппыт сэрии сылын оҕолоругар анаммыт араас элбэх тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр, ахтыы киэһэлэрэ буолан аастылар. Манна сүрүн өйдөбүл төрүт өбүгэ дьоммутуттан бэриллибитинэн МАХТАЛЛААХ буолуу. Махтанар киһи санаата сааһыламмыт, ырытары, ыраҥалыыры сатыыр, уруккуну билиҥҥилиин алтыһыннарар ыраас санаалаах. Олох суруллубатах сокуонунан тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кыттыылаахтарын кэккэтэ биллэ чарааһаата, кинилэргэ Улуу Кыайыы хас биирдии сыла үбүлүөйдээҕиттэн дуу, үбүлүөйэ суоҕуттан дуу тутулуга суох ураты Улуу суолталаах күн. Онтон биһиги кинилэр сыдьааннара кинилэр иннилэригэр ытык иэспитин толорон кинилэргэ ураты сылаас, сымнаҕас сыһыаны бэлэхтээн, болҕомто киинигэр илдьэ сылдьан МАХТАЛБЫТЫН биллэрэбит.
Хатаска Кыайыы күнүн миитинэ – радио биэрииттэн саҕаламмыта. Манна өрөсүссүөр Семенова Евдокия Ефимовна олохтоох ааптар Наталья Игнатьева олоххо буолбут түгэни суруйбут кэпсээнин сүнньүнэн суруйда – сүрүн герой блокадаттан куоттаран Лениград куораттан айаннаан кэлэн Өлүөхүмэ улууһугар детдомҥа иитиллэ кэлбит оҕо хаалан саха киһитигэр кэргэн тахсан уон икки оҕону күн сирин көрдөрбүт Далбар олоҕун мүлчүргэннээх, ыарахан түгэннэрин ырыа, хоһоон, үҥкүү көмөтүнэн сытыырхатан, дириҥэтэн биэрдэ. Хатас норуодунай театрын артыыстара оруоллары оонньоотулар, “Көмүс дорҕоон” (сал. Окорокова Т.Г ), Хатастааҕы оҕо ускуустубатын үлэһиттэрин “Гармония” вокальнай ансаамбыла хоровой кылаас үөрэнээччилэриниин, ХОО 4”в” кылааһын үөрэнээччилэрэ, “Айхал” үҥкүү (сал.Жиркова Т.Г) кытыннылар. Норуот оччоттон баччааҥҥа диэритин көмүскүүр-харыстыыр дьонун үрдүктүк тутар, онон бу билигин анал байыаннай балаһыанньанан кыргыһыы хонуутугар сылдьар, сылдьыбыт дьоммутун эмиэ чиэстээтибит. Хатас нэһилиэгин тэрилтэлэрин көмөтүнэн сэрии бэтэрээннэригэр анал бэлэх оҥоһулунна.
Аччык аас туор олоҕу этинэн-хаанынан билэн, дойду туһугар диэн өйдөбүлү ийэ эмиийин үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэриммит дьоммутугар “Сэрии сылларын оҕолоро” диэн статус бэриллэрин туһугар туруулаһан, туруорсан, эккирэтиһэн, сыра — сылба баранан, үрдүкү салалта өйөбүлүн, өйдөөһүнүн ылбыт З.Д.Винокурова салайааччылаах уопсастыбаннай түмсүү үтүөтүнэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүттэр кыралаан да буоллар кэккэ көмөлөрү ылаллар. Хатаспыт нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта, “Тускул” КК бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн “Сэрии сылын оҕолоругар” анаан итии үүттээх чэйдээх, буотарах мииннээх, бэрэскилээх остуол тула олорон ахтан-санаан, ыллаан-туойан, махтал тылларын этэн барбыт бэтэрээннэрбит көрсүһүүттэн үөрэн, алтыһыыттан астынан, кэпсээни кэрэхсээн, сэһэргэһиини сэргээн сырдаабыт сэбэрэлэрин көрдүбүт. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, көмөлөспүт, аһы-үөлү биэрбит, буһарбыт Игнатьева Наталья Иннокентьевнаҕа, Гаврильева Анна Николаевнаҕа, Иванова Туйаара Васильевнаҕа,”Мия” кафе кэлэктиибигэр (сал.Баишева П.), Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйааҥҥа махтанабыт. Кэпсэтиигэ, сэһэргэһиигэ сэрии кэминээҕи уонна Кыайыы кэннэ сыллары уйадыйан туран ахтыыларыгар кырдьыга даҕаны уонунан да сылларга уостубатах, умнуллубатах уодаһыннаах сэрии тыйыс салгына, хаҕыс тыына биллэн ааста. Ол да буоллар саха норуота барахсан тобуллаҕастык толкуйдаан,көрбүттэри-истибиттэрин сонурҕаан, ыраҥнатан, ырытан, эргитэ илдьиритэн, тэҥнээн, ханыылаан оччолордооҕуну тулуйдаҕа…
Бэтэрээннэрбитигэр Дьиэ-кэргэн сылыгар анаан урукку сыллардааҕы көрсүһүүлэри үйэтиппит кэргэннии тыыл, сэрии бэтэрээннэрин хаартыскалара сэргээһини ылла. “Бары уруһуйдуубут” түмсүү дьоно сэрии тиэмэтигэр суруйбут хартыыналарын, “Хатастыына” түмсүү уран оҥоһуктарын быыстапкалара, “Сайдам” вокальнай ансаамбыл толоруутугар ырыалар, кырачаан Эмма Габышева, оскуола үөрэнээччитэ Лилиана Мыреева чуораанныы чугдаархай ырыалара сүргэни көтөхтүлэр.Бэтэрээннэри таһыттан киириилэригэр “Төрүт ас” түмсүү көхтөөх кыттааччыта Александра Ефимова сылаас алаадьынан көрүстэ.
Аныгы кэм үргүөрдээх-аргыардаах, мөккүөрдээх-моргуордаах, иһиэлик-таһаалык буолар кэмигэр көмүскэлгэ-харысхалга наадыйарбыт өссө күүһүрэр. Ол хайаан даҕаны саа-саадах тутуурдаах буолбакка күннээҕи түбүкпүтүгэр-табыкпытыгар, тургутуулары туоруурга күүстээх санаа киириитигэр, ис куппут тас турукпутунуун биир тэтимнээх буолуутугар, бэйэҕэ эрэллээх буолууга улахан суолталаах. 2024 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Хатас нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнүгэр, биһиги нэһилиэкпит дьоно киэн туттар киһитэ, “Хорсунун иһин” наҕараадаламмыт, Афганистан сэриитин бэтэрээнэ Андрей Петрович Никифоров аатын сүгэр уулуссаҕа «Узнай историю своей улицы» бырайыак өссө биир интерактивнай уулусса бэлиэтин үөрүүлээхтик арыйыы буолан ааста. Бу бырайыак Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын, Хатастааҕы “Тускул”КК уонна Хатастааҕы орто оскуола бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн арыллыбыта. Сүрүн сыала — соруга эдэр көлүөнэ ыччакка, олохтоохторго историяны, дойдуга бэриниилээх буолуу иэйиитин иҥэриигэ, Хатас сайдарын туһугар кылааттарын киллэрбит дьоһун — дьонун туһунан билэллэригэр аныгылыы тиийимтиэ табыгастаах ньыманан туһанан тиэрдии буолар. Тэрээһиҥҥэ Андрей Петрович уола Петр Андреевич салайар кылааһа ХОО 5 ”б” кылааһа Татьяна Окорокова мелодиятыгар бэтэрээннэргэ анаммыт ырыаны бэрт сэргэхтик толордулар. Андрей Петрович бииргэ төрөөбүт убайа Петр Петрович быраатын Андрей туһунан истиҥник –иһирэхтик ахтан ааста. Дьэ онон хас биирдии аныгы үйэ киһитэ телефонун QRкодка даҕатта да убаастабыллаах Андрей Петрович туһунан видеоролик көрүөн сөптөөх информативнай табличката кини туһунан кэпсии-сэһэргии туруоҕа. Андрей Петрович Никифоров сырдык аата үйэлэргэ салҕаннын! Бу тэрээһини Окорокова Татьяна Григорьевна салайан ыытта.
Түмсүүгэ сомоҕолоһууга, бииргэ буолууга биир саамай тупсаҕай ньымалартан биирдэстэрэ спортивнай тэрээһиннэр буолаллар. Нэһилиэнньэни кытта чөл-чэгиэн турук туһугар ыһыктыбакка, салгыбакка үлэлээһиҥҥэ үгэскэ киирбит түөлбэнэн ыытыллар спартакиада оруола сүрдээх улахан. Саас аайы чэпчэки атлетикаҕа — сүүрүүгэ эстафетаҕа быйыл даҕаны кыттыы маассабаһа үрдүк. Ол курдук 9 түөлбэттэн 8 түөлбэ толору хамаанда тэринэн кэлэн спорт королевата – сүүрүү ыалдьааччылар ыһыыларынан-хаһыыларынан, омуннаах өттө тэбис тэҥҥэ сырсыытынан арыалланна. Ол да буоллар дьолго Мэһэй Боотур даҕаны Мэһэй Куо даҕаны суох буолан барыта этэҥҥэ ааста. Манна көрдөххө кыттааччы сааһа өссө эдэр буолбут, “бэтэрээн” сүүрээччилэр саастара 30-40 буолбут. Сүүрүктэр анал дьарыкка сылдьаллара туттууга-хаптыыга, сүүрүү техникатыгар эмиэ көстөр. Онон быйыл саҥа аһыллыбыт “Дьулуур” залбыт үлэлээтэҕинэ бэрт сотору бу да көрүҥҥэ мас тардыһыытыгар,тустууга, боксаҕа курдук үтүө сонуннар кэлииһиктэр диэн эрэл санаа кыыма үөскүүр.
Саха норуота аар айылҕаҕа, киҥкиниир киэҥ куйаар көстүбэт сүгүрүйүүтэ олус күүстээх уонна өй-санаа өттүнэн айылҕалыын, куйаардыын дьүөрэлэһиитэ биир оччо күүстээх, итэҕэтиилээх. Инньэ гынан мүччүргэннээх быыһык кэмнэргэ, күһэҥэ хамсыыр кыһалҕалаах күннэригэр турбут боппуруостарга, тоҕо диэн токоолоһууга эппиэти айылҕаҕа, куйаарга көрдүүр, булар. Биир оннук көстүү сүтүктээх ийэлэр, аҕалар киэҥ нэлэмэн халлааҥҥа эргийэ көтөр үөр туруйаларга эргиллибэтэх эрэллэрин – уолаттарын дууһалара айманар диэн өйдөбүлгэ буолар. Оруобуна онно анаммыт курдук Дагестан норуодунай суруйааччыта Расул Гамзатов “Туруйалар” диэн хоһоонугар, Ян Френкель музыкатыгар суруллубут ырыа күн бүгүн даҕаны суолтатын, тоҕооһун сүтэрбэт. Самсоновтар ааттарынан ХОО кэлэктиибэ (дириэктэр Слепцов Н.В.) учуутал Прокопий Николаев идеятын олоххо киллэрэннэр нэһилиэкпит олохтоохторун биһирэбилин ылыан ылла. Ол курдук оскуола төрөппүттэрэ, үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэр сүбэлэрин холбооннор тоҕус туруйаны оҥорон (кынаттарыгар уоттаах, кынатын далааһына 2 миэтэрэ) “көтүттүлэр” (имитация). Кэннилэриттэн олохтоохтор “Өйдөбүнньүк чүмэчи” диэн аахсыйаҕа кыттардыы халыҥ кэккэнэн хаамыстылар. Бу тэрээһини үөһэ көтө сылдьар видеокамераларынан уһуллубут матырыйаалы монтажтыы охсоннор омуннаан эттэххэ кыттыбыт дьон дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри куйаар устун бүтүн өрөспүүбүлүкэ устун көтүттүлэр.
Туруйалар кэннилэриттэн “Өйдөбүнньүк чүмэчи” аахсыйа эмиэ бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Бу тэрээһин Хатастан сэриигэ барбыт дьон аата көмүс буукубаларынан суруллан турар Саллаат пааматыннытыгар буолара аахсыйа ис хоһоонун дириҥэтэрэ, суолтатын улаатыннарара биллэр суол. Бу түгэҥҥэ “Умуллубат уот ” умайан турара силигин ситэрэр. Манна эбээлэр, эһээлэр пааматынньыкка ааттара ааттаммыт ытыктанар дьоммут сыдьаанннарын- сиэннэрин, хос, хос-хос сиэннэрин кытта кэлэн кытталлара дойдумсах буолууга иитиигэ төһүү күүс буолар. “Туруйалар” уонна “өйдөбүнньүк чүмэчи” аахсыйалар Вилена Константинова сценарийынан барда. Манна “Хатастыына”, бэтэрээннэр, “Тускул” үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Дайаана Иванова), оскуола үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччылара, учууталлара, нэһилиэкпит олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Дьэ ити курдук МАХТАЛЛААХ буолуу диэн санаанан салайтаран Хатас нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ муһуннубут, бииргэ буоллубут.
Наталья Руфова, 2024 ыам ыйа
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…