Махталынан ахтар салайааччым
Георгий Михайлович Артемьев дьоһуннаах салайааччы этэ. 1991 сыллааҕы выпустарбын соҕуруу Москва-Ленинград күүлэйдэтэ илдьээри, сааскы сынньалаҥ кэмигэр туристическай фирматтан путевка атыыласпытым. Кинилэр оптуобуһунан оҕолору көтүөх иннинээҕи күммүтүгэр Ытык Күөлтэн кэлэн ылыах буолбуттара.
Онон эрдэ Харбалаахтан айаннаан, болдьоспут сирбитигэр гостиницаҕа олорон оптуобуспутун күүппүппүт. Суох да суох, тэрилтэбитигэр эрийбиппитин “бэҕэһээ барбыт буолуохтаах” дииллэр. Иккигэ дылы кэтэһэ сатаан баран, ыксаан оройуонум салалтатыгар тиийдим. Мин дьолбор, В.Х. Кашкин, Г.М. Артемьев иккиэн бааллар эбит. Баар балаһыанньаны кэпсээтим, Василий Хрисанфович төбөтүн быһа илгистэн баран: «Хайдах, саатар, Ытык Күөлтэн да сатаан тахсыбакка сылдьан, оҕолору соҕуруу илдьэ бараары гынаҕын?»,-диэн мөхтө. Этэр эттэҕинэ, кырдьыга да оннук буоллаҕа дии…
Мин хараҕым уута халыс гына түстэ… Онтон Георгий Михайлович наһаа аһыммыт хараҕынан көрөн баран: «Ыксаан, көмө көрдүү кэлбит дьону наһаа мөҕүмүөххэ, хайдах көмөлөһөрү толкуйдуохха,»- диэтэ уонна Маҕан пуордун начаалынньыгар эрийдэ. Кэпсэттилэр, онтон миэхэ ыстакааҥҥа уу кутан биэрдэ уонна: «Валентина Семеновна, уоскуй, билигин түөрт Ан-2 сөмөлүөтү ыытыах буоллулар, маннааҕы оптуобуһу кэпсэтиэм, Мойуонаҕа киллэртээн биэриэ. Оҕолору сайыннара хорсуннук ылсан баран эрэргин хайгыыбын, үчүгэйдик сылдьан кэлиҥ!»- диэтэ. Хаһыска төннөрбүтүн ыйыталаста, кэлэргитигэр сөмөлүөтү кэпсэтиэм диэтэ. Оптуобуһунан пуорка киирдибит. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, 4 сөмөлүөт утуу-субуу көтөн кэлэн, куоракка сөбүнэн тиийдибит. Сарсыарда 7-ҕэ Москубаҕа көттүбүт. Бэркэ күүлэйдээн, элбэҕи билэн-көрөн, төннөн кэлэн, Маҕаҥҥа киирбиппитигэр диспетчер тута: «Эһиги тускутугар оройуоҥҥут салалтата кыһаллан, кэпсэтии ыыппыта, сүрүн рейстэр толоруллан бүттэхтэринэ, көтүтүөхпүт»,- диэтэ. Ол күн дьиэбитин этэҥҥэ буллубут. Бу кылааһым оҕолоро ол баран кэлбиттэрин олохторун биир дьоллоох түгэнинэн ахталлар, саныыллар.
Оттон мин Георгий Михайловиһы оччолорго да убаастыырым, ити түгэн кэнниттэн наһаа сүгүрүйэр, ытыктыыр, билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахтар салайааччым, киһи кэрэмэһэ буолар. Быдан дьылларга бырастыы, Таатталарга дьиҥнээх ааппытын туруулаһан, төннөрбүт, бар дьон туһугар кэскиллээҕи эрэ толкуйдаан үлэлээбит муударай салайааччыбыт!
Валентина Семеновна КРИВОШАПКИНА, Таатта, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: