Салгыы
Махтана, киэн тутта саныыбыт

Махтана, киэн тутта саныыбыт

Ааптар:
04.04.2024, 11:35
Хаартыска Захаровтар дьиэ кэргэн альбомнарыттан
Бөлөххө киир:

Биһиги ытыктыыр аҕабыт,эһээбит, хос эһээбит Захаров Михаил Егорович бүгүн 100 сааһын туолар! Киэн тутта-махтана кини олорон ааспыт олоҕун туһунан өйдөөн-санаан ааһыахпытын баҕарабыт.

Михаил Егорович Захаров 1924 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Улахан Хотонноох диэн алааска күн сирин көрбүтэ.Төрөппүттэрэ Маайа уонна Егор Дмитриевич колхуостаахтар этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр күүстээх үлэттэн,аас-туор олохтон өлөннөр быраатынаан Иннокентийдыын тулаайах хаалбыттара. Хата, аҕаларын быраата Семен Дмитриевич иитэн, киһи-хара буолалларыгар көмөлөспүтэ. Элэккэй майгылаах, кэпсээннээх, остуоруйаһыт, ырыаһыт эппит тыллара билигин да уос номоҕо буола сылдьаллар. Сэмэн сэрии иннинэ өрүү биригэдьииринэн үлэлиирэ, суот-учуот дьыалатын барытын өйүгэр хатыы сылдьар киһи этэ. Сэриигэ сааһа ааһан барбатаҕа. Онон,Сэмэн биһиги аймахха улахан үтүөлээх-өҥөлөөх,ииппит бырааттара кини туһунан куруук махтана ахталлара.

Хаартыска Захаровтар дьиэ кэргэн альбомнарыттан

Михаил аҕыс сааһыгар Матта түөрт кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оччотооҕу оҕолор дьиэлэриттэн сылдьан үөрэнэллэрэ, үөрэҕи ылынымтыа буолан үчүгэйдик үөрэммитэ.Салгыы Төҥүлүгэ интэринээккэ олорон сэттэ кылааһы бүтэрэн үчүгэй үөрэҕин иһин Дьокуускай куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан чэпчэки атлетиканан үлүһүйэн дьарыктаммыта. Атаҕынан кыанар буолан сүүрэрэ, кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха оскуола сүүмэрдэммит хамаандатыгар сылдьара. Оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн дойдутугар Маттаҕа кэлэн Лесной оскуолаҕа буҕаалтарынан ананан, 1949-1955 сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Лесной оскуоланы атын сиргэ көһөрөннөр Михаил Егоровиһы аны колхуос салайар аппараатыгар ылбыттара.

Бастаан»Молотов»колхуоска биригэдьиирдээбитэ. Советскай-партийнай оскуолаҕа Пермяков, онтон Михаил Иванович, Максимов Николай Дмитриевич уонна да атыттар буолан үөрэммиттэрэ.Колхуостар холбоһоннор «Октябрь» колхуоска Балыктаахха «Молотов»учаастагар управляющайдаабыта. Биир кэмҥэ Томторго киирэн үлэлии сылдьыбыта. Мөҥүрүөн нэһилиэгин колхуостарыгар орто сүһүөх салалтаҕа пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн, биригэдьииринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Актыыбынай комсомолец дьон ортотугар үөрэтэр-сырдатар үлэлэри ыытыспыта. 1967 сыллаахтан Максим Горькай сопхуос Балыктаах отделениетын биригэдьииринэн анаммыта. Бу кэмҥэ Балыктаах отделениетын пиэрмэлэрин толору механизациялааһыҥҥа үлэлэспитэ.1968 сыллаахха Маттаҕа маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлии барбыта.1969 сылтан Матта отделениетын биригэдьиир-зоотехнигынан үлэлээбитэ. Сайылыктары саҥа сирдэргэ көһөрөн тутууга уонна хотон үлэһиттэрин үлэтин чэпчэтэр механизацияны киллэриигэ үлэлэспитэ. Дьону кытта үлэҕэ дьоҕурдааҕын, салайар үлэҕэ уопутурбутун бэлиэтии көрөннөр 1971 сыллаахха Мэҥэ нэһилиэгин исполкомун сэкирэтээринэн талбыттара. Исполком сэкирэтээринэн үлэлиир кэмигэр депутаттары кытта үлэҕэ, нэһилиэнньэ ортотугар түөлбэнэн үлэҕэ улахан болҕомтотун ууран сүрдээх дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Сэкирэтээр быһыытынан үлэлиир кэмигэр киниэхэ сүктэриллэр бары эбээһинэстэрин чопчутук-чуолкайдык толорон документацияҕа үгүс үлэни ыыппыта.

Мэҥэ сельсовета оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирэрин ситиспитэ. 1977 сылтан сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ үлэлии олорор тэрилтэлэр баазалара бөҕөргөөһүнүгэр, производственнай тутуулар тутуллууларыгар, бөһүөлэги ырааһырдыыга ахсаабат болҕомтотун уурбута.Нэһилиэнньэ чөл олохтоох буолуутугар үгүс өрүттээх үлэни ыытыспыта. Бүтүн Сойуустааҕы «Знание» уопсастыбаҕа 1955 сылтан чилиэн, лектор этэ.

Михаил Егорович киэҥ далааһыннаах үлэтэ «Кыайыы 30 сылынан», «Кыайыы 40 сылынан», «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэринэн,»Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэлэринэн уонна ССКП райкомун, райсовет исполкомун Бочуотунай грамоталарынан, пуондаларынан бэлиэтэммитэ.

Михаил Егорович 1952 сыллаахха Араҥас нэһилиэгиттэн төрүттээх Олесова Елена Дмитриевналыын олохторун холбоон ыал буолбуттара. Кинилэр икки уол оҕолонон дьоллоохтук олорбуттара. Елена Дмитриевна сэрии содулуттан эдэр сааһыттан ыарыһах да буоллар кэргэнигэр бөҕө тыыл буолан, Михаил Егорович үлэлииригэр бары усулуобуйаны сатаан тэрийэрэ. Уолаттара Егор Михайлович, Дмитрий Михайлович идэлэрин сөпкө талынан сөбүлүүр идэлэринэн уһун сылларга үлэлээбиттэрэ.Балыктаах бөһүөлэгэр олохсуйан тыа ыалын быһыытынан тэринэн, оҕолонон, сиэннэрдэнэн ньир-бааччы олороллор. Сиэттэрэ үөрэхтэнэн араас салааларга үлэлииллэр, Дьокуускайга, Маттаҕа олохсуйан дьиэ-уот тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Хос сиэттэр улаатан оскуола, уһуйаан дьонноро. Сайынын тыа сиригэр тахсан эһээҕэ, эбээҕэ көмө дьоно.

Биһиги таптыыр, ытыктыыр дьоммут дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай, элэккэй майгыларынан, аһыныгас сүрэхтэринэн, хайа баҕарар киһиэхэ биир тэҥ сыһыаннарынан дириҥ ытыктабылы ылан билиҥҥэ диэри кинилэр ааттарын аймахтара, чугас дьонноро истиҥ махталынан ахталлар, олус күндүтүк саныыллар. Таптыыр, ытыктыыр эһээбит Михаил Егорович Захаров олорон ааспыт олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕаан иһиэхтэрэ. Эһээлэрин үтүө аатын үйэтитиэхтэрэ, холобур оҥостуохтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Бу кылгас суруйуубун быраата Иннокентий Егорович «Сарсын эмиэ күн тахсыа» диэн ахтыы кинигэтиттэн уонна бииргэ үлэлээбит Гаврил Васильевич Прибылых ахтыытыгар олоҕуран суруйдум.

Улахан кийиитэ Мария Захарова,

Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: