Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев бөһүөлэги тупсарыы үлэтин бэйэтин холобурунан көҕүлүүр.
Кини бэйэтин хамаандатын кытта ханна туох итэҕэ-быһаҕас үлэ баарын көрө сылдьан, субуотунньугунан кыайа-хото тутан иһэллэр. Сорох итинник үлэни хамнаска оҥороро чахчы. Ол эрээри кыра эрээри, олус наадалаах үлэҕэ үп көстөрө уустук. Баһылыгы өйөөччүлэр бэйэлэрин көлөлөрүнэн кэлэн, кыһалҕалаах боппуруостары субуотунньугунан быһаараллар. Ол курдук, быйыл ардах, хаар кэнниттэн бэйэлэрэ көрө сылдьан араас дьааманы куттулар, бүөлээтилэр.
Соторутааҕыта эр дьон мустан, аны улахан бөҕү хомуйан ыраастаатылар.
Бу туһунан Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков бэйэтин телеграм-ханаалыгар сырдатта.
«Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу төрөөбүт түөлбэҕэ бу маннык сыһыантан саҕаланар. Бу холобур батыһыннарыылаах буоллун» — диэн бэлиэтиир Олег Марков.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: