Майа катогуттан — кыһыҥҥы спартакиада үс мэтээлэ (видео)

Share

Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олунньу  бүтэһигиттэн аһыллан үлэлиир каток уочараттаах ыраастааһына  ыытылынна.  

Баһылык Алексей Неустроев иһитиннэрбитинэн, бу хоккейнай корту 2016 сылтан саҕалаан сыл аайы үлэлэтэллэр.

Манна сааскы ылааҥы кэмҥэ оҕо-аймах анаан мустар. Сүүһүнэн оҕо буор босхо кэлэн хаҥкылаан, үөрэн-көтөн барар. Хаҥкыны уларсар, сылаас чэй иһэр пуун үлэлиир. Онон оҕолорбутугар иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэбит. Быйыл Саха сиригэр – Оҕо саас, Майаҕа  Чөл олох сылларыгар бу хоккейдыыр сир бастакы хараҥаччыта Сияна Андреева  Алдаҥҥа ыытыллыбыт кыһыҥҥы спартакиадаҕа шорт-трек көрүҥҥэ кыттан, үс  мэтээли аҕалла.  Бу иннинэ ханна да анаан дьарыктамматах 16 саастаах кыысчаан түргэнник хамсанарын, хаҥкыны дэгиттэр баһылаабытын бэлиэтии көрөн, куоракка бэрт кылгас кэмҥэ тириэньэри кэпсэтэн дьарыктаабыппыт. Кыыспыт куоталаһыыга тиийэн, улуус хамаандатыгар үс мэтээли аҕалла, — диэн кэпсиир Алексей Неустроев.

Ити курдук, оҕоҕо сынньанарыгар, дьарыктанарыгар тустаах усулуобуйаны тэрийэн эрэ буолбакка, кыахтаах оҕону кэмигэр бэлиэтии көрөн, улахан спортивнай тэрээһиҥҥэ кытыннарыы – бу эмиэ бастыҥ холобур. Онон аттыбытыгар сүүрэ-көтө, ыллыы-туойа, айа-тута сылдьар оҕолорбутун кэмигэр бэлиэтии көрөн, талааннарын арыйан, ситиһии суолугар сирдээн иһиэҕиҥ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

58 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

2 часа ago