Майа олохтооҕо отчут үлэтин чэпчэтэр саҥа тэриллэри оҥорбут
Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов тыа дьонун үлэтин чэпчэтэр аналлаах саҥа туттар тэриллэри айан-оҥорон таһаарарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр.
Быйыл сайын сүөһү иитэр, оттуур дьоҥҥо көмөлөөх 3 саҥа тэрили оҥорбутун билиһиннэрдэ, тутан-хабан көрдөрдө.
Бастакытынан, отчут күүһүн харыстыыр сыалтан, хотууру уларытан оҥорбут: эбии тимир сыбааркалаан угун уһатан биэрбит. Инньэ гынан от хотуурга мунньуллубакка, охсуллубут сиригэр сытан иһэр. Тупсарыллыбыт тэрили отчуттар туттан баран астыммыттар, киһи күүһэ-сэниэтэ баранара икки төгүл аҕыйаата дииллэр. Өссө хотуур биититтэн сэрэхтээх буоларга эрэһиинэ турбанан чохуол оҥорбут.
Иккиһинэн, уу отун таһаарарга улахан куулунан наһыылка оҥорбут. Манна тутуу матырыйаала, цемент кутулла сылдьыбыт мөһөөччүгэ барар. Куулу хас да сиринэн дьөлөн, быалаан, соҕотох да киһи элбэх оту соһон таһаарыан сөп.
Үһүс тэрилэ – наһыылкалыыр сиэрдийэлэрин хайаҕастаан, холботолуур, оту тутар тимир оҥорбут. Киһи соҕотоҕун бу наһыылканан 2-3 бугулу таһыан, соһуон сөп. Физика сокуонунан ыйааһын наһыылка кэннигэр, сиргэ баран, отчут сылайбат.
“Үлэни чэпчэтэр ньымалары, туһалаах тэриллэри тускутугар туһаныҥ”, – диир Константин Иннокентьевич. Бу туһунан «Эркээйи» хаһыат суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: