Саха сиригэр соҕуруу дойду оҕуруот аһын үүннэрэр уустуга өйдөнөр. Ол да буоллар, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарын хоһуун дьонун сатабыллара, үлэһиттэрэ, үөрүйэхтэрэ сөхтөрөр.
Бүгүн атырдьах ыйын 3 күнүгэр бэлиэтэнэр аан дойдутааҕы Арбуз күнүгэр Майа олохтооҕо Михаил Шарин туһунан билиһиннэрэбит. Кини арбуһу бэрт боростуойдук үүннэрэн, дьон биһирэбилин ылыан ылар.
«Дьыбааҥҥа үүнэн турар арбузтар», — диэн Зиновий Игнатьев Майа олохтооҕо Михаил Шарин тиэргэнигэр сылдьан устубут видеотын көрөҕүт. Михаил Дмитриевич арбуһу бэрт боростуойдук, тэпилииссэтэ суох, аһаҕас кирээккэҕэ, парникка үүннэрэр эбит. Минньигэс «отоннор» олус өлгөмнүк үүммүттэр. Өссө да биир ый устата улаатан-ситэн, сотору кэминэн соҕурууттан аҕалыы «аймахтарыттан» хаалсыа суохтар.
Видео Зиновий Игнатьев, «Эркээйи» хаһыат
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…