Майа оскуолатын сүбэһитэ Кэскилээнэ Петрова Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэ “Сүбэһити кытта сэһэргэһии” анал номинациятын кыайыылааҕынан буолла
Бүтүн Арассыыйатааҕы “Иитии саҥа философията” оҕо бириэмийэтин туттарыы иккис төгүлүн ыытылынна. Манна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа орто оскуолатын дириэктэрин сүбэһитэ, медиа киин салайааччыта Кэскилээнэ Петрова “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” уруогу таһынан дьарыгы сайыннарыыга кылаатын иһин, Бастакы ханаал туруорбут “Сүбэһити кытта кэпсэтии” анал номинация кыайыылааҕынан таҕыста.
Кэскилээнэ Николаевна иһитиннэрбитинэн, дьоро тэрээһиҥҥэ – ВДНХ 57-с павильонугар Арассыыйа бары муннугуттан педагогтар мустубуттар. Уопсайа, 500 сүбэһит кыттыбыт. Саха сириттэн дэлэгээт быһыытынан үс педагог ыҥырыллыбыт. Ол курдук, Кэскилээнэ Петрованы сэргэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт (Дьокуускай к.) сүбэһитэ Евдокия Романова “Навигатор моего сердца” номинацияҕа үс, “Айыы Кыһата” гимназия (Дьокуускай к.) сүбэһитэ Алина Герасимова “Новые горизонты” номинацияҕа алта бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаммыттар.
Кэскилээнэ Петрова сүбэһит, учуутал быһыытынан “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” кылаас чааһыгар эрэгийиэн компоненын киллэрэн туһанарын туһунан эссе уонна видеонан ролик устан ыыппыттар. Ол түмүгүнэн бу номинацияҕа кыайыылааҕынан буолбут. Саха сирэ.ру саайтка анаан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
— Куонкуруска хайдах быһыылаахтык кыттыбыккыный? Туох үлэни ыыппыккыный?
— Манна “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” федеральнай компонены ыытарбыт таһынан, бэйэм оскуолам иһигэр эрэгийиэннээҕи компонены туһанарбытын кэпсээбитим. “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” эрэгийиэннээҕи компонент, федеральнай сценарийы сахалыы тылынан ситэрэн-хоторон биэрэр. Маны тохсунньуттан “Кэскил” оҕо кыһата таһаарар. Олохтоох компонент сүрүн сыалынан, үөрэнээччи дойдуга, бэйэтин төрөөбүт сиригэр-уотугар, норуокка, кини ураты устуоруйатыгар, баай айылҕатыгар ытыктабылын күүһүрдүү буолар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһин буоларын быһыытынан¸ бэлэмнэнии чааһын иһиттэн көрөн улаханнык соһуйдубут. Олус улахан таһымнаах тэрээһин ааста. Бэлэмнэнии хара сарсыардаттан саҕаланар, киин тэлэбиидэнньэ быһа көрдөрө турбута. Олус элбэх режиссер үлэлиир, барытын көрдөрөн, быһааран биэрэллэр, этэргэ дылы, ис куукунатын биллибит.
— Номинацияҕа тиксибиккин истэн төһө үөрбүккүнүй? Эрдэ эппиттэрэ дуо?
— Номинацияны туттарыы олус соһуччу буолла. Номинант быһыытынан киирбиппин сэтинньи бүтүүтэ эрэ билбитим. Кыайыылааҕынан тахсыбыппын наҕараадалааһын үөрүүлээх тэрээһинигэр саалаҕа олордохпуна биллэрбиттэрэ. Тэрээһин кэмигэр кэмбиэри арыйан, онно миэстэтигэр этэллэр. Ол иһин наһаа долгутуулаах этэ. Билигин даҕаны улаханнык итэҕэйбэккэ сылдьабын. Үлэбит үрдүк таһымҥа сыаналаммытынан, өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ күөҥҥэ тахсыбытынан киэн туттабын.
Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах куонкуруска кыайыы – өрөспүүбүлүкэ кыайыыта! Билинии уонна маннык үрдүктүк сыаналааһын күүстээх хамаанда – эрэгийиэннээҕи куратор Ньургуйаана Владимировна Макарова, улуустааҕы куратор Марианна Дмитриевна Монастырева уонна “Кэскил” оҕо кыһатын кэлэктиибин үлэтин түмүгэ. Түгэнинэн туһунан дьиэ кэргэммэр, үөрэнээччилэрбэр уонна кэллэктииппэр өйөбүллэрин иһин махталбын тириэрдэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: