Майа сайына, кэрэ киэһэтэ…
От ыйын 30 күнүгэр «Майа сайына» сынньалаҥ сиригэр Саха сирин ыччатын десана Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар чаҕылхай кэнсиэри көрдөрдө.
Кэнсиэри арыйар үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бу күннэр усталарыгар үлэ бөҕөнү үлэлээбит оҕолорго махтанарын биллэрдэ, сүрүн тэрийээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат миниистиригэр Пётр Шамаевка уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат түмсүүлэрин салайааччытыгар Алгыстаан Софроновка өйдөбүнньүк бэлэхтэри, эҕэрдэ суруктары туттарда.
Ыччат десанын устудьуоннара ис сүрэхтэриттэн ыллаан-туойан, бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээннэр, Майа сэлиэнньэтин олохтоохторун куттарын туттулар.
Көрөөччүлэр эдэрдиин-эмэнниин тэҥҥэ ыллаһан, үҥкүүлээн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: