Салгыы
Майаҕа 7 этээстээх дьиэ тутуллар

Майаҕа 7 этээстээх дьиэ тутуллар

03.08.2024, 18:45
Хаартыска t.me/sadovnikovdd саайтан ылылынна.
Бөлөххө киир:

Илин Эҥэргэ  саамай үрдүк дьиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр тутулла турар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн бу дьиэ лииптээх буолуо, диэн суруйар  Дмитрий Садовников бэйэтин телеграм-ханаалыгар.

Хаартыска t.me/sadovnikovdd саайтан ылылынна.

Сэттэ этээстээх дьиэ 70 кыбартыыралаах буолуоҕа, сааххалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрөр  бырагыраама чэрчитинэн тутулла тутар. Тутууну  “Мегинострой” хампаанньа ыытар.

Эбийиэк бэлэм буолуута 75%-ҥа тэҥнэспит. Бэдэрээччит дьиэни былааннаммыт болдьоҕор ахсынньыга диэри киллэрэр санаалаах. Тутуу матырыйаала, үлэһит илии барыта баар.

2025 сылга диэри Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 65 тыһ. кв. иэннээх 272 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтооҕо көһөрүллүөхтээх. Саҥа дьиэни 1000-тан тахса дьиэ кэргэн (2,7 тыһ. тахса киһи) ылыаҕа.

Майаны таһынан олорор дьиэ Аллараа Бэстээххэ көхтөөхтүк тутуллар, онно сотору кэминэн Кооперативнай уулуссатыгар икки дьиэ үлэҕэ киириэҕэ.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 71% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: