Майаҕа АЛРОСА үбүгэр сөргүтүллэн оҥоһуллубут «Майа сайына» былаһаакка аһылынна

Майаҕа АЛРОСА үбүгэр сөргүтүллэн оҥоһуллубут «Майа сайына» былаһаакка аһылынна

Ааптар:
28.10.2022, 11:42
Бөлөххө киир:

Майа Хомсомуол уулуссатыгар баар былаһаакка – улахан, бэлиэ быраа­һынньыктар тэриллэр, көннөрү күүлэйдии, сэргэхсийэ кэлээччи да элбэх буолан – өрүү даҕаны олохтоохтор тоҕуоруһа мустар, түмсэр бэлиэ туоналара этэ. Онон төһө эрэ кэм иһинэн тустаах былаһаакканы сөргүтэн, тупсаран оҥоруу наадата тирээбитэ. Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо былырыын сөбүлээн сылдьар сирдэрин саҥардарга быһаарбыттара. Нэһилиэк бу көҕүлээһинигэр олоҕуран, АЛРОСА үбүн суотугар ыытыллар “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак үбүлээһиниттэн Майа сэлиэнньэтигэр анал үп көрүллэрэ ситиһиллибитэ.

Бырайыак тутаах сыала дьон-сэргэ сынньанарыгар, сэргэхсийэригэр сөптөөх, хаачыстыбалаах гына оҥоһуллубут уонна аныгы кэм ирдэбилигэр түбэһэр, ийэ айылҕа, устуоруйа уонна олоҕурбут үгэс тэҥҥэ алтыһар туоналарын тэрийии буолбута.

«Ханнык уопсастыбаннай туонаны талан оҥоробут диэн ыйытыкка хоруйу булар куоластааһыҥҥа былырыын икки эбийиэк киирбитэ – Хомсомуол болуоссата уонна Мэхэньисээтэрдэр искибиэрдэрэ. Дьэ, ол түмүгүнэн 5239 куолаһы ылан, Хомсомуол болуоссата сөргүтүллэр буолбута. Күн бүгүн уларыйан, саҥардан оҥоһуллубут «Майа сайына» киһи билбэт гына тупсубут. Бу бырайыагы олоххо киллэрии “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак үбүн суотугар, АЛРОСА уонна олохтоох бүддьүөт көмөлөрүнэн кыалынна. Ол курдук, киирбит үпкэ бырайыак дизайна уонна ПСД-на оҥоһуллубута», – диэн Майа сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтата иһитиннэрэр.

Инньэ гынан, дьон сөбүлээн түмсэр сиригэр сыаналаах уонна амфи-тыйаатырдаах араас эгэлгэ тэрээһин ыытылларыгар сөптөөх зоната, воркауттуур миэстэ, кырачааннар уонна оскуола саастаах, эрдэҕэс оҕолор аралдьыйар, оонньуур былаһааккалара, астына волейболлуурга сөптөөх успуорт туоната баар буолла. Бу барыта уруккуттан баар култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин кытта оруобуна орун-оннугар сөп түбэһэн, олус табыллыбыт былаһаакка үөскээтэ. Ону таһынан территория былаһын тухары сатыы сылдьарга анаммыт морсурууттар, бэлисипиэт суоллара тыргылыннылар. Аара лаампа сырдыгын анныгар олоро түһэн, сынньанарга, санааны сааһылыырга сөптөөх хачыаллар туруоруллубуттар. Оннооҕор дьоҕус күргэни оҥорбуттар. Ол аннынан устар синньигэс үрүйэ сайынын төһө да куура хаттар, кэнэҕэһин былаастар үрүйэ оннун кэҥэтэн, кытылын тупсаран биэриэхпит диэн эрэннэрэллэр.

Сөргүтүллэн оҥоһуллубут туона биир муҥутуур тутаах эбийиэгэ сылы эргиччи үлэлиир павильон буолбут. Кэмиэрсийэнэн дьарыктанарга бу сир эмиэ табыгастаах. Ол курдук, холобур, олохтоох ландшафка олус барсар гына оҥоһуллубут кафе түстэммит. Биисинэс бу биир көрүҥэ тутуу бара турар кэмиттэн эрэ саҕалаан кыттыбатах. Барытын толкуйдаан, торумнаан баран, кафе интерьерин эрдэттэн сакаастаан, оҥорторбуттар.

Онон кэлэр сайын кафе тэрээсэтэ, уларсар пуун үлэлээбитинэн барыахтаах. Бу туона араас суол тэрээһин бырагыраамата толкуйданарын суотугар, тигинэччи үлэлээбитинэн барыахтаах.

Бу бырайыак баар буоларыгар биир дойдулаахтара, ымыылаах ырыаһыт Сардаана Осипова толорор “Майа сайына” ырыатын тыла быһаарар оруолламмыт.

«Бу бырайыак миэхэ аан бастакы үлэм, онон тус миэхэ суолтата улахан», – диэн бырайыак ааптара, архитектор Афанасий-Хатан Сергеев, хайдах баарынан санаатын үллэстэр, – Майа сэлиэнньэтигэр архитектура управлениетын тэрийиитинэн ыытыллыбыт уопсастыбаннас туонатын тупсарын оҥоруу куонкуруһугар кыайыылаах тахсыы – туһугар долгутуулаах уонна соһуччу да курдук этэ. Майа дьаһалтатын уонна олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ бүтүн хамаанданан тиийбиппит. Сэлиэнньэ үгүс олохтооҕо бу былаһаакканы өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит “Кыталык” норуот ансаамбылын кытта дьүөрэлии саныыр. Оттон биһиги салгыы баран, уостан түспэккэ ылланар “Майа сайына” ырыа тылларын тутаах кэнсиэпсийэ быһыытынан ыларга этии киллэрбиппит.

Учаастактары былаанныырбытыгар “сөрүүн тыал кэлэрэ ол киэҥ алаастан” диэн аатырбыт ырыа быһа тардыытыгар тирэҕирбиппит. Дьон хаамарыгар анаан оҥоһуллубут тротуар уонна бэлэсипиэттиир суол иилии эргийэн кэлиитэ үөһэттэн көрүүгэ, биһиги санаабытыгар, төгүрүк алааһы санатар. Оттон эргийэр суоллар ортолоругар турар тэрээһин буолар сирэ, биһиги өйдөбүлбүтүнэн – “алаас эбэтэ”. Былаһаакканы ортотунан быһа охсон ааһар суол – “тыал ааһар сирэ”. Оттон сөрүүн тыал сиккиэрин хачыаллар көрдөрөллөр. Бу ырыа тыллара дириҥ ис хоһоонноохтор. Кэнэҕэһин бүтүн Майа сэлиэнньэтигэр тутаах бренд да буолуон сөп.

Бырайыагы олоххо киллэрии уустук уонна хас да түһүмэхтээх дьайыыттан турар. Түмүгэ бу үлэҕэ кыттааччылартан барыларыттан (архитектордар, бырайыактыыр хампаанньа, сакаасчыт уонна бэдэрээтчит), кинилэп төһө биир уопсай тылы булалларыттан тутулуктаах. Төһө да интэриэһинэй идиэйэ, толкуй баар буоллун, ахсааннаах эрэ архитектор бырайыагы ааптар кытаанах кэтэбилинэн, ыйыытынан-кэрдиитинэн оҥорорго сөбүлэһэр. Дьэ, ол да иһин, LETO Кэмпитиэнсийэ киинин исписэлиистэрэ бырайыак кураатардарынан ананыылара – төһө да бырайыак сорох кыттааччылара, баҕар, ону суолталаабатахтарын да иһин, олус суолталаах уонна сөптөөх дьаһаныы.

«Хас биирдии бырайыак биитэр кыра, биитэр улахан алҕастаах буолар. Оннук алҕас архитектура өттүгэр, былааннааһын чааһыгар уонна үлэни толорууга да сыһыаннаах быһаарыыга эбэтэр симиэтэ да өттүгэр баар буолуон сөп», – диэн быһаарар, LETO диэн Саха сиринээҕи куорат эйгэтигэр сыһыаннаах боппуруостарга үлэлэһэр Кэмпитиэнсийэ киинин тутаах архитектора, бырайыагы сүрүннүүр кураатар Прокопий Рожин.

“Чопчу бу Хомсомуол былаһааккатын этэр буоллахха, биһиги бэлиэр үлэбит бастакы күнүгэр бэдэрээччити кытта павильоҥҥа уонна павильон ис барааныгар сыһыаннаан, кэккэ уларытыылары киллэрбиппит. Бэдэрээт тэрилтэтэ ити уларыйыылар эбийиэк хаачыстыбатын тупсарар туһугар толкуйдаммыттарын өйдөөн, тута ылыммыта.

Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куорат тутуутун былаанныыр (градоустроительство) Управление бэдэрээт үлэтигэр олохтоох бэдэрээтчиттэри кытыннарар быһаарыыны ылбыта. Бу быһаарыы үтүө түмүктээх буолла: олохтоохтор үлэ хаачыстыбатын тупсарар баҕалара улахан уонна ордук кыһаллан үлэлииллэр”,– диир Прокопий Рожин.

Бырайыак сүрүннээччилээх буолуута улахан суолталааҕын Саха сирин кылаабынай архитектора Ирина Алексеева эмиэ бигэргэтэр. Кини этэринэн, LETO уопуттаах, кылаастаах, идэтийбит архитектордар кураатардыыллара бырайыак лаппа хаачыстыбалаах буолуутугар көмөлөһөр.

«Куорат уонна тыа сирдэригэр олоххо киирэр бырайыактары салайарбар, мин кылаабынай архитектор быһыытынан, сүрүн сорук – туох-ханнык иннинэ бырайыак эскиискэ киирбит бастакы идиэйэтин, толкуйун оннунан илдьэ сылдьыы, ону тутуһуу буолар диибин. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх эдэр уонна талааннаах архитектор бырайыак эскииһин ааптара буолаллар. Ол гынан барын, үгүс өттүгэр бырайыактыыр уопуттара, идэтийиигэ кылаастара суоҕа баар суол. Аны бырайыак тутуутун үлэтигэр архитектордар тус бэйэлэрэ кыттыбаттара өрүү да толкуйдатар. Суолтата улахан эбээт. Өскөтүн бырайыагыҥ олоххо киирэригэр интэриэһиҥ суох, бэйэҥ кыттыбат түгэҥҥэр, сыаналаах уопуту эн хантан ылаҕын, салгыы хайдах сайдар кыахтанаҕын?

Прокопий Рожин – оҥоһуллубут бырайыактары хаттаан оҥорорго, атын сөптөөх быһаарыыны буларга, көрдүүргэ, тутуу бэлиэр бара турдаҕына кытта уларытыыны киллэрэргэ күһэллэр, Кэмпитиэнсийэ киинин биир баай уопуттаах исписэлииһэ. Бу маннык кураатардаан, Кэмпитиэнсийэ киинэ үлэ бары кыттыылаахтарын – бэйэлэрин идиэйэлэрэ олоххо киирэригэр баҕалаах архитектордар, бырайыак ситэ-хото оҥоһуллубатаҕына, сүҥкэн уустугу көрсөр бэдэрээт хампаанньаларын уонна сакаасчыттар, ону кытта, биллэн турар, бырайыакка көрөн биһирээбит тутуулара баар буолан, ыра санаалара туоларын күүтэр олохтоохтор иннилэригэр сүҥкэн эппиэтинэһи ылынар», – диэн быһааран биэрэр Ирина Алексеева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: