Бу чааска Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын салалтата быйылгы сылга араас эйгэҕэ ситиһиилээх биир дойдулаахтарын «Бастыҥ» бириэмийэтин туттарар дьоро киэһэтэ буола турар.
«Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев салайар дьаһалтата көхтөөх дьону түмэн, бастыҥнары талан ылан, махтал тыл бастыҥын анаата. Кыайыылаахтарга «Бастыҥ» үйэлээх алмаастаах бэлиэ-кырааматаны, «Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыакка сурутуу сэртипикээти ыҥырыылаах ыалдьыттар наҕараадалаатылар.
Кинилэр истэригэр бааллар түөрт Ил Түмэн дьокутаата, норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхатын салааларыттан киин куораттан кэлбит өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаах-суоллаах дьон, улуус бөдөҥ тэрилтэлэрин салайааччылара.
«Бастыҥ» бириэмийэни туттарыы тэрээһин уонна кини лауреаттарын туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыакка ааҕыҥ.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…