Салгыы
Майаҕа эр киһини быһаҕынан анньыбыттар

Майаҕа эр киһини быһаҕынан анньыбыттар

30.12.2024, 15:21
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр: Саха сиригэр буруйу оҥоруу үс түбэлтэтэ бигэргэммит. Борокуратуура бу дьыалаларга процессуальнай бэрэбиэркэни уонна чинчийиини бэйэтин хонтуруолугар ылбыт.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр түөһүгэр быһаҕынан анньыллан, эр киһи балыыһаҕа киирбит. 1996 сыл төрүөх эр киһи уорбаланан, тутуллубут.

Дьокуускайга биир киһи бааҥҥа счетуттан 154 тыһыынча солкуобайы уорбуттар. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар наркотигы сокуоннайа суох эргитэн, буруйу оҥоруу тохтотуллубут.

Ааспыт сууккаҕа суол быһылаана тахсыбатах. Итирик туруктаах айаннаан испит 7 киһини туттулар диэн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
9
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
2 января
  • -52°C
  • Ощущается: -52°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: