Майаҕа суолларын аспааллаан эрэллэр
Сайыҥҥы кэмҥэ суолу оҥорууну эрдэттэн үбү-харчыны эккирэтиһэн ситтэххэ эрэ тахсыылааҕа уонна түмүктээҕэ чахчы.
Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр бу күннэргэ суолу оҥорууга олохтоохтук ылсыыларын төрүөтүн туһунан баһылыгы солбуйааччы Вячеслав Санников маннык кэпсиир:
— Майа сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтатын баһылыга Алексей Неустроев Суол пуондатыттан үп-харчы боппуруоһун олох эрдэттэн көмүскээн, бу күннэргэ Майинскай уулуссаҕа аспаал кутуута саҕаланна.
Бэдэрээччик «Мэҥэ Хаҥалас суоллара» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (сал. Романов А.И.) Советскай уулуссаттан Герой Попов уулуссатыгар диэри, барыта 800 миэтэрэ уһуннаах суолу оҥоруохтаах. Былаан быһыытынан үлэ бэс ыйын 15 күнүгэр түмүктэниэхтээх. Уопсай үбүлээһин 14 мөлүйүөн солкуобайга тахсыста.
Улахан үлэ бара турарынан сибээстээн, бу күннэргэ Майинскай уулусса өрөмүөҥҥэ барбытынан, кылгас кэм устатыгар саптыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: