Майаҕастар собонон күндүлээтилэр
Уус Алдан улууһугар Майаҕаска муҥхалаатылар. Ылбыт көмүс хатырыктаахтарын быстах байыаннай хомуурга барбыт дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр биэрдилэр.
Олохтоохтор Лаппаарыйаҕа киирэн сыл ахсын муҥхалыыр үгэстээхтэр. «Түмсүүлээх буоллахпытына эрэ харгыһы, уустугу этэҥҥэ туоруохпут. Дойдулаахтарбытыгар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махтанабыт», — диэн этэр биэнсийэлээх Дора Гаврильевна Крылова.
Соторутааҕыта олохтоох дьаһалта уонна көхтөөх дьон мустан, быстах байыаннай хомуурга барбыт дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылан биэрбиттэр.
Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ өйөбүллэрин таһынан, улуустар туох кыалларынан бэйэлэрин көмөлөрүн оҥороллор, тирэх буолаллар. Холобур, социальнай ситимнэргэ анал түмсүү үлэлиир. Соторутааҕыта тэриллибит ситим, 35 улууска уонна Дьокуускай куоракка Саха сириттэн барбыт байыастар дьоннорун, аймахтарын, уопсайа 3 436 киһини түмпүт. Бу бөлөх көмөнү оҥоруу туһунан иһитиннэриини СӨ бырабыыталыстыбатыгар түргэнник тиэрдэр уонна оннук тэтимнээхтик быһаарыы ылыллар. Кылгас кэм иһигэр бу ханаалынан 598 көрдөһүү тиэрдиллибит, 379 быһаарыллыбыт, атыттары быһаарарга үлэ ыытыллар. Бу ханаалынан өрөспүүбүлүкэ бары тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэллэр, ол иһигэр суут бириистэптэрин сулууспатын, кирэдьиит тэрилтэлэрин, Биэнсийэ пуондатын, министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри кытары.
СӨ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскалар Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: