Салгыы
«Майа» подстанциятыгар өрөмүөн ыытыллар

«Майа» подстанциятыгар өрөмүөн ыытыллар

02.02.2023, 18:08
"Киин уот ситимин" пресс-сулууспатын хаартыскалара
Бөлөххө киир:

Федеральнай ситим хампаанньатын “Майа” подстанциятыгар энэргиэтиктэр өрөмүөн кэмигэр уотунан хааччыйыы быстах ситимин хааччыйаллар.

Саха сирин илин эҥээр оройуоннарын бары туһанааччыларын хааччыйар туһугар, «Якутскэнерго» Киин уот ситимин энэргиэтикэтэрэ ааспыт сууккаҕа кэккэ технологическай кэһии тахсыбыт, чуолаан 5 кабельнай муфта алдьаммыт Россеть ФСК  “Майа” 220 кВ подстанциятын оннугар уоту биэрии атын линияларыгар туһанааччылары холбууллар.

Амма, Чурапчы, Таатта, Томпо, Уус Алдан оройуоннарын туһанааччыларын уотунан хааччыйыы Майа-Табаҕа, Майа-Аллараа Бэстээх, Майа-Бороҕон линияларыгар көһөрүллүөҕэ. Бу миэрэлэри СӨ ОДьКХ министиэристибэтин суһал ыстаабын, ЕЭС систиэминэй операторын, Россеть ФСК кытта сөбүлэһилиннэ. 20:00 чааска үлэни бүтэрэн, уоту холбуохпут диэн эрэнэллэр.

Билигин туһанааччылары уотунан хааччыйар туһуттан илин эҥэр оройуоннар саппаас дизельнэй уот ыстаансыйаларын, “СӨ ОДьКХ” ГУП, «Теплоэнергосервис», Уус Маайа оройуонун кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэлэрин саппаас источниктарын холбоотулар. ДЭС үлэлииригэр тиийэр уматыктаахтар.

“Майа” подстанциятыгар саахал түмүгэр араарыллыбыт линиялары чөлүгэр түһэриигэ уоту оҥорор 4 биригээдэ үлэлиир, ол иһигэр Дьокуускайтан биир биригээдэ тиийбит. Аҕыс тиэхиньикэ (4 автогидроподъемник, көһө сылдьар мастарыскыай, кыраан-манипулятордаах бортовой массыына, бортовой газель). Биир кыраан подстанцияҕа өрөмүөн үлэтин ыытарыгар Федеральнай ситим хампаанньатын персоналыгар бэрилиннэ.

“Якутскэнерго” ПАУо Киин уот ситимнэрин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: