Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ
Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
26 нүөмэрдээх Лебедев уулуссаҕа уопсайа 150,59 кв.м иэннээх, толору хааччыллыылаах саҥа таас дьиэни Михаил Гуляев генеральнай директордаах «ГМ Групп» ХЭТ тутан үлэҕэ киллэрдэ.
— Сахалыы сиэринэн алгысчыт Владимир Сыромятников уот оттон үрдүк айыылартан көрдөстө. Аалай лиэнтэни улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров, саҥа дьиэ хаһаайына Тамара Горохова быстылар.
Эҕэрдэ тылларын Юрий Вячеславович, Александр Иванович тиэртилэр. Тутуу үлэтигэр докумуонуттан саҕалаан үлэҕэ киириэр диэри үлэлэспит дьоҥҥо Махтал суруктары туттардылар. Ону сэргэ хаһаайыттарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга күлүүстэрин туттардылар, — диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: