Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Share

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

26 нүөмэрдээх Лебедев уулуссаҕа уопсайа 150,59 кв.м иэннээх, толору хааччыллыылаах саҥа таас дьиэни Михаил Гуляев генеральнай директордаах «ГМ Групп» ХЭТ тутан үлэҕэ киллэрдэ.

— Сахалыы сиэринэн алгысчыт Владимир Сыромятников уот оттон үрдүк айыылартан көрдөстө. Аалай лиэнтэни улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров, саҥа дьиэ хаһаайына Тамара Горохова быстылар.
 Эҕэрдэ тылларын Юрий Вячеславович, Александр Иванович  тиэртилэр. Тутуу үлэтигэр докумуонуттан саҕалаан үлэҕэ киириэр диэри үлэлэспит дьоҥҥо Махтал суруктары туттардылар. Ону сэргэ хаһаайыттарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга күлүүстэрин туттардылар, — диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

5 часов ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

6 часов ago