СӨ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова: «Сааҥсыйалар усулуобуйаларыгар олордор даҕаны, Саха сирэ экэниэмикэтин сайдыытын үрдүк тэтимин ыһыктыбат. Ааспыт 2022 сыл түмүгүнэн, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыбыт көрдөрүүтэ 110%-ҥа тэҥ – бу дойду үрдүнэн ахсыс миэстэ буолар», — диэн этэр.
— Күн бүгүн Российскай Федерация сиртэн хостонор стратегическай суолталаах баайы таска таһааран эргинэ олорор. Онуоха Саха сирэ маннык сир баайын хостууругар, таҥастыырыгар бары кыах баар.
Уһулуччу баай саппаастаах сирдэри туһаҕа таһаарыыга Саха сиригэр тырааныспар сырыытын саҥа суолларын тутуу боппуруоһа көтөҕүллэр. Ол курдук, Арктикаҕа дьоҕус атомнай ыстаансыйа көмөтүнэн Күчүс көмүстээх, хорҕолдьуннаах кластерын туһаҕа таһаарар үлэ барыахтаах. Саха сирин соҕуруу өттүгэр Алданнааҕы гаастаах кластер кэскиллээх. Онно айылҕа гааһын таҥастааһын, аммиагы, апатиттары уонна да атын туһалаах эттиктэри оҥорон таһаарыы былааннанар.
Ити курдук, манна биһиэхэ дойду тас өттүттэн киирэ турбут бородууксуйаны солбуйууга туһуламмыт саҥа таҥастыыр производстволары тэрийиигэ, мээнэ көстүбэт стратегическай суолтаах сир баайын хостооһуҥҥа, Уһук Илиҥҥэ баар партнердары кытта эргинии кээмэйин хас да бүк үрдэтиигэ Саха сирэ дойдубут сайдыытын бигэ тирэҕинэн буолар кыахтаах уонна онуоха бэлэм.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …