Максим Аммосов өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, саха норуотун чулуу уола, киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха сирин автономиятын төрүттэспит уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүт күнүгэр, Нам сэлиэнньэтигэр, кини өйдөбүнньүгэр, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Тэрээһиҥҥэ «Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Егор Протопопов, улуус депутаттарын Сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров, улуус ветераннарын Сэбиэтин председателэ Софья Кобякова, «Ленскэй нэһилиэк” МТ баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай уонна улуус общественноһа, олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Тыл этээччилэр Максим Аммосов үөрэххэ, сайдыыга тардыһыытын, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буолуутун уонна тапталын холобур оҥостор, норуокка анаабыт чаҕылхай олоҕун үрдүктүк тутан үйэлэргэ ааттатар ытык иэспит буоларын бэлиэтээтилэр.
«Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: