Судаарыстыбаннас күнүн көрсө бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Нам улууһугар Аппааныга биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэл Илья Винокуров мэҥэ тааһыгар уонна Хатырыкка Саха АССР-ы төрүттэспит Максим Аммосов мэҥэ тааһыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Нам улууһун уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа Хатырыкка М.К. Аммосов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыаннас устуоруйатын түмэлигэр буолла.
Вице-премьер Георгий Степанов өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит дьон нэһилиэстибэлэрин куруук өйдүөхтээхпит уонна харыстыахтаахпыт диэн эттэ.
— Маннык чулуу уолаттардаах буолан, Саха сиригэр судаарыстыбаннас баар уонна салгыы сайдыбыта. Кинилэртэн биирдэстэринэн Максим Аммосов буолар. Норуотун иннигэр кини үтүөтэ-өҥөтө муҥура суох. Илья Егорович Винокуров норуот өйүгэр-санаатыгар Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар дьону хоргуйууттан быыһаабыт киһи быһыытынан өйдөнөн хаалбыт. Оттон аныгы Саха сирин сайдыытыгар бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев киллэрбит кылаата сөҕүмэр, — диэн кини эттэ.
Бу үөрүүлээх тэрээһиннэргэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, улуус дьокутаата Артур Иванов, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Ноговицын, тэрилтэлэр, түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэнээччилэр, олохтоохтор кытыннылар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…