Максим Бугулов: «Аҕа дойдубутун чиэстээхтик көмүскүү сылдьабыт»
Өлүөхүмэ улууһун Кыыллааҕыттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор 2022 сыллаахтан Аҕа дойдуну көмүскүү байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Максим Бугулов Фашизмы утары пуорумҥа кытта сылдьар. Кини Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ кытта 68-с армейскай куорпус аатыттан кэллэ. Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн киниэхэ РФ Оборуонатын министиэристибэтин үрдүк наҕараадата туттарылынна.
Фашизмы утары ыытыллар тэрээһин туһунан Максим Бугулов санаатын маннык этэр:
— Биһигини бу тэрээһиҥҥэ байыаннай дьайыыга Саха сириттэн кытта сылдьар 8000-тан тахса киһиттэн командованиебыт талан ыытта. Кинилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит. Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн ыытыллар тэрэһиннэргэ анаан-минээн 25 саха байыаһын кытыннара аҕаллылар. Мин 68-с армейскай куорпустан кэллим, биһиги биэспит. Онтон 656-с полкаттан үс киһи кэллэ. Мин бастакы ротаттан соҕотохпун. Иккис ротаттан икки киһи, атыттар 39-с биригээдэттэн сылдьаллар. Мин түгэнинэн туһанан, «Физрук» диэн позывнойдаах ротам хамандыырыгар улахан махталбын тиэрдиэм этэ. Перьмтэн сылдьар мобилизациянан ыҥырыллыбыт уол. Кини иккис сэриитигэр сылдьар, ол гынан баран биир даҕаны наҕараадата суох. Бэйэтин холобурунан биһигини үөрэтэ, икки сылы быһа бүөбэйдии, хас биирдиибит туһугар кыһалла, көмөлөһө сылдьар. Мин баҕа санаам хайдах эмэ гынан көмөлөспүт киһи диэн. Хамандыырым миигин манна ыытан, ротабыттан соҕотоҕун кэллим.
Фашизмы утары пуорум быйыл иккиһин ыытыллар. Биллэн турар, биһиги фашизмы, нацизмы утарабыт уонна Аҕа дойдубутун онтон чиэстээхтик көмүскүүбүт. Эчэйии да ылларбыт, кыайыы туһугар хорсуннук кыргыһа сылдьабыт. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуо. Ыччат, үүнэр көлүөнэ биһиги туох иһин Аҕа дойдубутун көмүскүү, байыаннай дьайыыга кытта сылдьарбытын өйдүөхтээх. Биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыларын умнуо суохтаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: