Максим Орешкин уонна Алексей Чекунков «Саюри» үлэтин кытта билистилэр

Share

РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин уонна РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков Саха сиригэр кэлэн үлэлии сылдьаллар. Бүгүн кинилэр «Саюри» хампаанньа үлэтин хаамыытын кытта билистилэр.

«Саюри» тэпилииссэлэригэр Максим Орешкин уонна Алексей Чекунков Саха сирин олохтоохторун сылы эргиччи сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйарга туһуламмыт технологиялары көрдүлэр.

Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Балнайтис иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга оҕуруот аһын оҥорон таһаарыга былаан 2440 тоннаҕа тэҥнэһэр. Сыл бүтүөр диэри бу былаан 100% толоруллара күүтүллэр.

Кини бэлиэтээбитинэн, хампаанньа бастакы уочаратынан уһуйааннары, оскуолалары, балыыһалары уонна да атын социальнай суолталаах эбийиэктэри сибиэһэй бородууксуйанан хааччыйар.

Билигин «Саюри» Дьокуускай куорат олохтоохторун сибиэһэй оҕоруот аһынан наадыйыытын 25% толоро олорор. Манна үксэ оҕурсуну, томаты уонна күөх оту (зелень) үүннэрэллэр. Итиэннэ тэпилииссэ үлэһиттэрэ хампаанньа бородууксуйатын элбэтэргэ үлэлииллэр, араас экспеременнары ыыталлар, ол иһигэр папайя уонна дыня үүннэриитигэр.

Сылы эргиччи үлэлиир «Саюри» агрокомплекс “Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията” АУо («Корпорация развития Дальнего Востока и Арктики») “Якутия” урутаан сайдар сирин-уотун (ТОР) биир бастыҥ үлэлээх резиденинэн буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago