Максим Орешкиҥҥа Нерюнгри маастар-былаанын сүрүн эбийиэктэрин билиһиннэрдилэр

Share

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Нерюнгрига оробуочай сырыынан Арассыыйа бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков итиэннэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сырыттылар.

Нерюнгри улуустааҕы киин балыыһатын уонна куорат маастар-былааныгар киирбит успуорт, үөрэх эбийиэктэрэ тутуллуохтаах былаһааккаларын көрдүлэр.

Эрдэ, Дьокуускай куоракка буолбут мунньахха Нерюнгри доруобуйаҕа харыстабылын эбийиэктэрэ ортотунан 95 % эргэрбиттэр диэн бэлиэтээбиттэрэ.

“Кыһалҕаны быһаарар инниттэн Нерюнгри улуустааҕы киин балыыһатын доруобуйатын харыстабылын 14 эбийиэгин саҥалыы уларытан оҥорор уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйан хапытаалынай өрөмүөн ыытар ирдэнэр. Бырайыагынан 3,45 млрд. солк. тэҥнэһэр”, — диэн балыыһа эмтиир куорпуһун көрөр кэмнэригэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрэр.

Хапытаалынай өрөмүөнү улахан дьон поликлиникатыгар, “А” уонна “В” эмтиир куорпустарга, 1-кы нүөмэрдээх инфекционнай салааҕа, суһал көмөнү оҥорор салааҕа,  патолого-анатомическай салааҕа, аһылык буһарар блокка, наркология, психо-неврологическай уонна  сэллиги утары диспансердарга, акушердар куорпустарыгар ыытар былааннаахтар. Дьахталлары көрөр (женскай консультация) дьиэҕэ, балыыһа комплексын “Б” блогар уонна тирии сыстыганнаах ыарыыларын диспансерын дьиэлэрин саҥардыахтара.

Маастар-былаан олоххо киириитин түмүгэр, Нерюнгри улууһун киин балыыһата 100 % үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыллыаҕа.

“Нэһилиэнньэ улуустан ханна да ырааппакка ирдэнэр көмөнү ылар кыахтаныаҕа. Саҥардыы уонна мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыйыы кэнниттэн сытар балыыһалар, поликлиникалар уонна диагностыыр сулууспа бары биир сиргэ баар буолуохтара, ол нэһилиэнньэҕэ табыгастаах”, — диэн Нерюнгри улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай этэр.

Оробуочай бөлөх дьоно салгыы “Богатырь” успуорт комплекса уонна устудьуоннар кампустара тутуллуохтаах былаһаакканы көрдүлэр.

Маастар-былааҥҥа олоҕуран, бырамыысыланнай тэрилтэлэр үрдүү турар ирдэбиллэрин хааччыйарга анаан куоракка Идэҕэ үөрэтэр киин тэриллиэхтээх.

ХИФУ тиэхиньиичэскэй институтун уонна Соҕурууҥҥу Саха сирин технологическай кэллиэһин материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаларын саҥардар былааннаахтар. Тиэхиньиичэскэй институт сайдыытын бырагырааматынан, 2030 сылга устудьуон ахсаанын 3 тыһ. диэри элбэтэр толкуйдаахтар. Кинилэргэ анаан 900 миэстэлээх устудьуоннар олорор саҥа уопсайдарын тутуохтара.

Санатан эттэххэ, Нерюнгри куорат маастар-былааныгар “Р” кыбартаал тутуута эмиэ киирэр. Кыбартаал тутулуннаҕына саҥа дьиэнэн 2 тыһ. кэриҥэ киһини хааччыйыахтара.

Маастар-былаан олоххо киирдэҕинэ куорат валовай бородууктатын үрдээһинэ 2,3 төгүл, дьарыктаах дьон ахсаана 18,7 %, оҥорон таһаарыы 1,9 төгүл эбиллэн экэнэмиичэскэй өттүнэн көдьүүстээх буолуоҕа. Нэһилиэнньэтин ахсаана 6 тыһ. киһинэн эбиллиэхтээх итиэннэ 61 тыһ. тиийиэхтээх.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago