Салгыы
Максим Сорочинскай Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска анал аат кыайыылааҕынан ааттанна

Максим Сорочинскай Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска анал аат кыайыылааҕынан ааттанна

28.05.2024, 14:30
Хаартыска: Саха сирин официальнай информационнай портала
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет педагогическай институтун доцена, “Билии” Арассыыйатааҕы уопсастыба лиэктэрэ Максим Сорочинскай инновационнай үөрэх технологияларын Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарыгар “Үрдүк үөрэх бастыҥ эдэр преподавателэ” анал аат кыайыылааҕынан буолла. Ол туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Куонкуруска Арассыыйа 85 эрэгийиэниттэн 1000-тан тахса эдэр преподавателлэр, доценнар, профессордар, кафедра сэбиэдиссэйдэрэ, производственнай үөрэх маастардара кыттыыны ылбыттара. Кэтэхтэн түһүмэх түмүгүнэн 115 финалист талыллыбыта, онно кыттааччылар “Мин идэм – преподаватель” диэн бэйэни билиһиннэриилэрин уонна инновационнай үөрэх технологиятын кылгас ис хоһоонун ыыппыттара.

Иккис түһүмэххэ куонкурус кыттыылаахтара Москва оскуолаларын, кэллиэстэрин уонна үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуоннарыгар маастар-кылаастары – аһаҕас уруоктары ыыттылар. Максим Сорочинскай Москватааҕы финансовай-юридическай университет устудьуоннарыгар “Үөрэхтээһиҥҥэ нейротехнологиялар” тиэмэҕэ маастар-кылаас ыытта.

“Мэйии үлэтин туһунан билии педагогическай хайысханы сайыннарыыга хайдах курдук көмөлөөҕүн холобурдаан көрдөрдүм, бэйэм чинчийэр үлэм түмүктэрин атастастым”, — диэн кэпсээтэ Максим Сорочинскай.

Кини этэринэн, төһө да ситиһиилээхтик кыттыбытыгар эрэллээҕин үрдүнэн, “Бастыҥ үрдүк үөрэх эдэр преподавателэ” анал аакка кыайыыта көһүппэтэх өттүттэн кэлбит. “Мин бу манан дьарыктанарым педагогическай эйгэҕэ, устудьуоннарга интэриэһинэйин өссө төгүл көрдөрдө”, — диир Сорочинскай.

Эдэр преподаватели кыайыытынан Саха сиринээҕи “Билии” Арассыыйатааҕы уопсастыба дириэктэрэ Дмитрий Апросимов эҕэрдэлээтэ. Лиэктэр ситиһиитин кини Арассыыйа наукаларын академията төрүттэммитэ 300 сылыгар “сүҥкэн үөрүүнэн, чиэһинэн” буолар диэн эттэ.

“Бу сабыытыйа биһиги уопсастыбабыт үлэтэ түмүктээҕин көрдөрөр, ол эбэтэр Максим Анатольевич биһиги бастайааннай лиэктэрбит эрэ буолбатах, кини улахан бэлэмнэнии оскуолатын ааспыта, ол курдук “Билии. Лиэктэр” куонкуруска кыттыбыта”, — диир Дмитрий Апросимов.

Куонкуруһу тэрийээччи – АФ Үөрэҕин министиэристибэтин уонна наукаҕа, үрдүк үөрэххэ Судаарыстыбаннай Дуума өйөбүллэринэн Национальнай рейтинниир аттестациялыыр Росрейтинг ааҕыныстыба.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: