«Мальчиш-Кибальчиш» испэктээкил премьерата сүрэхтэннэ
Кулун тутар 20 күнэ – Оҕолорго, ыччакка тыйаатыр аан дойдутааҕы күнэ. Лоп курдук бу күн Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Сказка о военной тайне, о Мальчише-Кибальчише и о его твердом слове» диэн испэктээкил премьератын көрдөрдө.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, үгэс курдук, бу күнү саҥа премьеранан бэлиэтиир. Аркадий Гайдар сэбиэскэй кэмҥэ уостан түспэтэх, патриотическай тыыҥҥа иитэр айымньыта бу күн аныгылыы тыыннанан көһүннэ. Билиҥҥи кэм оҕолоругар анаммыт айымньы оннук буолуохтаах да буоллаҕа.
Ол курдук, дьоруойдар сыанаҕа эрэ буолбакка, көрөөччү саалатыгар эмиэ ролигынан, бэлэсипиэтинэн, электросамокатынан сүүрдэ сылдьан, оонньоотулар. Онон даҕаны, уонна ону тэҥэ, саанан ытыалаан, гранатанан, буомбанан дэлби тэптэрэн, уолаттар болҕомтолорун балачча тартылар. Аны туран, буржуиннарбыт кыайыыларытан кынаттанан, хаартыскаҕа түстүлэр-хайаатылар.
Артыыстар таҥастара маҥан холустаҕа комикс уруһуйдаммытын курдук, ону тэҥэ, сценографияҕа ис хоһоонун арыйарга улахан экраны лаппа туһаннылар. Буржуиннар тутталлара-хапталлара, саҥараллара сиэри таһынан, күлүүлээх, онон оонньууну бэркэ сэргэхситтилэр. Маны тэҥэ, таҥнарбыт Плохиш уолга наҕараадалара диэн мэтээли кытта кока-кола, чипсы, сгущенка, сакалаат буолла. Түмүгэр, Кыһыл Аармыйаттан куттанан, буржуиннар куотар кэмнэригэр, Плохиш эрэйдээх ханна барарын билбэккэ, сыҥалана, ытыы, ыксыы сылдьара бу кини куһаҕаны оҥорбутун оҕолорго өйдөтөр. Ол эрээри, түмүккэ Мальчиш-Кибальчиш Кыһыл Аармыйа кэлэригэр кыранан тиийбэккэ, кыһыылаахтык өлбүтэ ситэри көстүбэккэ хаалла дуу дии санаатым. Кини өлүүтэ оҕолорго кыһыы-аба уотун уматыахтаах этэ.
Испэктээкилгэ патриотизм, Ийэ дойдуга муҥура суох таптал, хорсун быһыы, таҥнарыы тиэмэтэ киэҥник арыллар.
Испэктээкил режиссера, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов бу курдук кэпсээтэ:
— Биһиги урут Мальчиш-Кибльчиш туһунан кинигэни ааҕарбытын уонна ойуулугу көрөрбүтүн олус сөбүлүүр этибит. Киниэхэ майгынныыр, кини курдук хорсун-хоодуот буолуохпутун баҕарар этибит. Онон Аркадий Гайдар бэртээхэй айымньытын тиэмэтэ билиҥҥи кэмҥэ да сөп түбэһэр диэммин, испэктээкили туруорарга санаммытым. Оҕолор бу остуоруйа сүрүн дьоруойун курдук күүстээх санаалаах буолалларыгар үөрэтэр айымньы дии саныыбын.
Чахчыта да, сааланы толору мустубут оҕолор аралдьыйбакка, оонньуу ис-иһигэр киирэн көрдүлэр. Артыыстар оҕолортон ыйытан, кэпсэтэн, кинилэр болҕомтолорун тартылар. Онно оҕолор тэҥҥэ эппиэттэһэн, илиилэрэ күөрэйэн олордо, сорох-сорохтор ойон туруталаатылар, онон интэриэһиргээн көрөллөрүгэр, ис-иһигэр киирэллэригэр олук уурулунна.
Испэктээкилгэ тыйаатыр эдэр артыыстара оонньоотулар. Мальчиш-Кибальчиш оруолун Евгений Шамаев, Плохиш – Спартак Ларионов, Кылаабынай Буржуин – Владимир Охлопков, Генерал – Илья Яковлев толороллор. Ону тэҥэ, эдэр артыыстар Кирилл Рожин, Ньургун Черов, Екатерина Хоютанова, Владислав Портнягин, Юрий Афанасьев, Георгий Бессонов, Никита Соловьев, Арсен Семенов, Елизавета Далбараева, Татьяна Хомподоева, Айыына Слепцова оонньоотулар.
Туруорааччы-худуоһунньук, анимацияны туруорааччы — Дора АйКуо, муусуканан доҕуһуол — Петр Неустроев, уоту-күөһү туруорааччы — Прокопий Федоров, иис сыаҕын сэбиэдиссэйэ — Саргылаана Петрова.
Бүтэһигэр оҕолор артыыстары кытары хаартыскаҕа түстүлэр, дьоруойдары кытары алтыстылар. Харахтара умайан, сирэйдэрэ сырдаан, оҕолор испэктээкили сөбүлээбиттэрэ көстөр.
Хаартыска: Любовь Макарова.
Видеону бу сигэнэн киирэн көр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: