«Малой» диэн позывнойдаах байыас оҕолорго бэлэх оҥорбут
01.01.2025, 13:00
Александр Тарасов хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэҕи оҥороллор.
Ол курдук, Бүлүү Үгүлээтиттэн сылдьар «Малой» диэн позывнойдаах байыас нэһилиэгин кырачааннарыгар анаан 10 тыһ. солк. ыыппыт. Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Лукин: «Байыаннай дьайыыга сылдьар уолбут 10 тыһ. солк. ыытта. Сылын аайы тохсунньу 2 күнүгэр нэһилиэк баһылыгын харыйатын дьоро киэһэтэ буолар. Байыас ыыппыт харчытынан Саҥа дьыллааҕы бэлэх ылан туттараары сылдьабыт. Былырыын 140 бэлэҕи оҕолорго туттарбыппыт. Онон ыраах байыаннай дьайыыга сылдьар уолбутугар — «Малойга» улахан махталбытын тиэрдэбит. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарабыт!», — диэн кэпсээтэ.
+1
40
+1
2
+1
+1
1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: