Төлкөтө түстэммит сиригэр сүрэхтэннэ
Маҥан аттаах Манчаары суолунан
Ньурба сиригэр-уотугар суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан “Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона” историческай арамаанын сүрэхтиир бэлиэ күн бастакы аҥара Малдьаҕарга айаннаан, номоххо киирбит национальнай дьоруойбут Манчаары көмүс уҥуоҕа көтөҕүллэ сытар сиригэр сылдьыыга ананна.
Бу сырыы тэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах, Уйулҕан арамааныгар Манчаары Баһылай Ньурба сиригэр кэлэн олохсуйуута анал түһүмэҕинэн киирэн суруллубут. Онон кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ күнүгэр Манчаары мэҥэ уҥуоҕар сүгүрүйэн ааһыы тоҕоостоох буолла.
Малдьаҕарга орто оскуола дириэктэрэ, оскуолатыгар “Агротуризм “ диэн хайысханан үлэлээн, Манчаарыны үйэтитиигэ элбэх былааннардаах Виталий Дмитриевич Федотов көрүстэ, кыраайы үөрэтиигэ анаан оҥоһуллубут оскуола түмэлин көрдөрдө. Нэһилиэк былыргытын, билиҥҥитин кэпсиир баай ис хоһоонноох экскурсияны оҥордулар.
Түмэли көрүү кэнниттэн үөрэнээччилэри кытта кылаас чааска саҥа кинигэни билиһиннэрии буолла.
Дьэ, бу кэнниттэн халыҥ тибиинэн сабыллыбыт суолу Виталий Дмитриевич УАЗ микроавтобуһунан сатабыллаахтык тэлэн, Манчаары Баһылай көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт Сайыы аартыга диэн кэрэ айылҕалаах сиригэр-уотугар тиийэн, Манчаары мэҥэ уҥуоҕар сүгүрүйэн, сибэкки уурулунна.
Виталий Дмитриевич инники өттүгэр Манчаары төрөөбүт-үөскээбит улууһун Мэҥэ Хаҥалаһы кытта бииргэ үлэлээн, Манчаары Баһылай суолунан диэн бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох туристыыр база оҥоһуллуон, ол туһунан былаанныылларын туһунан кэпсиир.
Бу сири-уоту көрө кэлэр дьону чахчы да сөхтөрүөх, айылҕа барахсан айан оҥорбут дьиктилэрин—Манчаары ытыктаан тойугар туойбут, хас да киһи кууһар кыахтаах аарыма тиитин, тиит уонна харыйа иккиэн бииргэ силбиһэ үүнэн туралларын, бөлкөй үөттэри кытта бииргэ силис тардан үүммүт хатыҥы көрдөртөөтө.
Онтон Мохулутта Эбэҕэ тиийэн биир дойдулаахтарыгар — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар анаан оҥоһуллубут искибиэри көрүү олус долгутуулаах буолла. Бу манна алта эр бэрдэ от охсон куһуйа, үлэлээн-хамсаан тиритэ-хорута сырыттахтарына сэриигэ ыҥырар бэбиэскэни туттартаабыттар. Бу дьон Эбэлэригэр киирэн алгыстанан, “Сэрииттэн хайаан да тыыннаах төрөөбүт алааспытыгар эргиллиэхпит “ диэн кэс тылларын этинэ-этинэ, хотуурдарын ыйаан, уоттаах сэриигэ аттаммыттар. Уонна киһи эрэ долгуйуох, үөрүөх курдук, сэрииттэн алтыан, биир да бааһырыыта, оһоло суох төннөн кэлэн, хотуурдарын ыйаабыт сирдэриттэн төттөрү ылан, сэриитэ суох ыраас халлааннаах, уйгулаах олох дьолун түстэһэ, отторун салҕыы охсо барбыттар… Киһи эрэ хараҕар тыыннаах хартыына курдук көстөн, киһи уйулҕатын хамсатар кэпсээн, киинэ буолуох түгэн буолбаат.
Дьэ, ити курдук сааскы чэбдик тыалга сайа оҕустаран, ытык сир умсугутар көстүүлэриттэн дуоһуйбут, долгуйбут санааҕа салгын куйаарыгар Баһылай Манчаары туус маҥан атынан сиэллэрэн иһэрэ, күөгэйэр күннэригэр сылдьар алта эр бэртэрэ хойуу оттоох алааска от охсон куһуйа сылдьаллара көстөргө дылыта.
Кырдьык даҕаны, айылҕа кэрэ, дьикти көстүүлэринэн ураты баай, балыктаах улахан эбэлээх, сэлэлии үүммүт хатыҥ мастарынан киэркэйэр сиргэ-дойдуга, Манчаары Баһылай тэлбит суолунан сырытыннарар, сынньатар бэртээхэй баар буолуон сөп эбит.
Ньурбаҕа анаммыт дьоһун айымньы
—Дьэ дуо, бу аатырар-сураҕырар Хоргун Бүлүүнү, Сыа Бүлүүнү, Бүтэй Бүлүүнү туораан, хоту диэки биир күннүк айаны оҥордохпутуна, Улуу Эбэ тыына биллэр эбит. Дьэ ол Улуу Ньурба Эбэни тула мин сыдьааннарым, онтон да атын урааҥхай уустара уутуйан үөскүөхтэрэ. Мунньан Дархан одьулуун ойоҕун Ньурбачаан уолаттара Быркынаа Боотур, Тойук Булгудах, Босхоҥ Бэлгэтин, убайдарын Тыгыны кытары тыл тылга киирсибэккэ, кэнэҕэһин ийэлэрин төрүт дойдутугар, бу эргин диэки айан суолун тутууһуктар.
Бадаҕа, убайдара Тыгын кыргыс боотурдара оҥостоору гынарыгар сөбүлэҥнэрин биэрбэттэр курдук көрөбүн. Оччолорго кырыйдарбын да, ол Улуу Эбэттэн Ньырбачаан уолаттарын илин диэки үтэйэн көрүөм. Оттон арҕаалыы көрдөхпүнэ, ойуулаах, тигиилээх сирэйдээх тоҥ биистэр ыырданар эбиттэр. Олору үтэйэн, биир үтүө үрэх уҥуорунааҕы тоҕойугар, мин бу орто дойдуттан күрэнэр дьылбар түөрэххитин кээһэргит ордук буолсу…
Түлүөн Ойуун көрүүлэниитэ дьэ итинник буолбута. Унньуктаах уһун айантан сылайбыт дьон аҕа баһылыктарын көрүүлэниитин истэн, сотору олохтоох сирдэрин булалларыттан эгди буолбуттара. Инньэ гынан, үөрэ-көтө налба охсунан, Бүлүү өрүһү туоруур түбүгэр түспүттэрэ…,— бу күннэргэ дьон-сэргэ сэргээн, булан-талан ааҕа сатыыр кинигэтин, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан “ Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона” айымньытын Хатыыттан Ньурбаҕа массыына айанын кэмигэр дорҕоонноохтук ааҕа олорор учуутал дьикти чуумпу сатыылаабытыттан дьиктиргии санаан, дьонун тула көрөн ылбыта.
Онто баара, дьоно бука бары кулгаах-харах буолан истэ ахан олороллор эбит. Учуутал үөрүөн иһин, массыынаҕа улахан кылааска үөрэнэр оҕолор эмиэ бааллара. Оҕолор уран тыл аптаах күүһүгэр абылатан, кинилэр төрүт дойдуларын былыргытын туһунан кэпсиир айымньы түһүмэхтэн түһүмэххэ сэһэргиирин бэркэ сэргээн, учуутал санаата көтөҕүллэн салҕыы дорҕоонноох ааҕыытын салҕаабыта:
Онтон Түлүөн ойуун уолаттарыгар “Олохтоох тоҥ уустарын кытта хабырыйсыбакка, эйэ-дэмнээхтик олоруоҕуҥ. Биһиги кыргыһы, өлөрсүүнү өрө туппат, иллээх-эйэлээх үтүө олох салҕанарын туһугар олохпутун оҥостуохтаахпыт. Урааҥхай аҕа ууһун тэнитиэхтээхпит. Ону долоҕойгутугар бигэтик хатаан кэбиһиҥ!- диэн сүбэ-соргу биэрбитэ.
Дьэ ити курдук икки аҥаар чаас айаннаах такси массыына айанньыттара суол уһунун да билбэккэ хаалбыттара. Бу түгэн туһунан кэпсээн Ньурба сирин ааҕааччыларыгар сүрэхтэнэн эрэр “Хаҥаластан хааннаахтар. Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона “ айымньы ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕын, умсугутуулаахтык ааҕыллыаҕын туһунан санааны түстээтэҕэ ити.
Ханнык баҕарар саҥа кинигэ, айымньы ааҕааччытыгар сүрэхтэниитэ суруйааччыга, дьоҥҥо-сэргэҕэ долгутуулаах уонна улахан суолталаах түгэнинэн буолар. Кэнники кэмҥэ саха ааҕааччыларыгар прозаҕа айымньыларынан улахан сэҥээриини ылбыт суруйааччы Василий Иннокентьевич Гоголев-Уйулҕан “Хаҥаластан хааннаахтар. Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона” историческай арамаанын айымньы төлкөтө түстэммит төрүт сиригэр Ньурбаҕа сүрэхтиир түгэҥҥэ сааланы толору дьон муһунна. Бу саарбаҕа суох, саҥа айымньы ааҕааччыга тахсан биһирэнэн эрэрин, улахан болҕомтону ылбытын туоһутунан буолар.
Историческай арамааҥҥа Хаҥалас ууһуттан хайдан барбыт, Тыгын Дархан күтүөтэ, бордоҥнор төрүттэрэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун уолаттарынаан Ньурба сиригэр тиийэн олохсуйуута, ууһуура-тэнийэрэ, Ньурба улууһун төрүттэспитэ сэһэргэнэр. Биэс түһүмэҕинэн аттарыллыбыт арамаан өбүгэлэрбит оччотооҕу олохторун-дьаһахтарын тыынынан илгийэр, биис уустарын хабырыйсыылара элбэх быһылааннаах, мүччүргэннээх сырыылара кэпсэнэр, олоҕун бүтэһик сылларын Ньурба Малдьаҕарыгар тиийэн олорбут саха норуотун дьоруойа Манчаары уобараһа арыллар, бу барыта ситимнэнэн айымньы сүрүн дьоруойа, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй биистэриттэн сыдьааннаах, Аҕа дойду сэриитин сылларыгар “Хатыы “холкуоһу сатабыллаахтык салайбыт, дьон-сэргэ улахан ытыктабылын ылбыт Уһун Дьуона эриирдээх-мускуурдаах олоҕо ойууланар.
Кинигэ сүрэхтэниитэ үгэс курдук айымньы ааптарын билиһиннэрииттэн саҕаланна. СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан төрүттээх. Кини киһи сөҕүөн курдук, айар-тутар эйгэ бары хайысхаларынан талааны, дьоҕуру айылҕаттан ботуччу бэлэхтэппит суруйааччы. Ол курдук Уйулҕан маһы ыллатар ууһунан, оһохчутунан, кыраҕы харахтаах охчутунан, айымньылаах көрүүлээх сценариһынан, режиссерунан биллэр. Намнааҕы педагогическай училище художественнай салаатын выпускнига. Хабаровскайдааҕы култуура институгар үөрэнэн хореограф. ХИФУ филологическай факультетын магистратуратын бүтэрбит. Билигин Дьокуускай куорат 33 нүөмэрдээх оскуолатыгар технология учуутала.
Василий Гоголев-Уйулҕан саха киинэтин сайдар саҕахтарын арыйыыга эрдэттэн үлэлэспит киинэ сценариһынан биллэр. Кини Үөһээ Бүлүүгэ үлэлии сылдьан Өлүөхүмэ Наманатыгар дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран “Суор тиһэх кыланыыта “ диэн Саха сиригэр аан маҥнайгы детектив жанрдаах, толору метражтаах киинэни сценарийдаан, режиссердаан устубута. Кулуупка киинэ көстүбэт буолбут кэмигэр, бу киинэни “Сахафильм “ хампаанньа кассетанан, компакт дискэнэн тарҕатан, уонунан тыһыынча көрөөччү биһирэбилин ылбыта. Уон оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт ийэтэ, Дьааҥы Старостиннарыттан төрүттээх Екатерина Васильевна 100 сылыгар анаан “Ийэккээм “ диэн наһаа истиҥ, уйаҕас тыыннаах видеокилиибэ эмиэ көрөөччүгэ улаханнык сөбүлэппитин өйдүүбүт.
Оттон суруйааччы “Хоһуун таас”, “Көһөрүллүү”, “Туоһахта уонна Лэкиэс” сэһэннэрин уус-уран айымньылары ырытар анал үөрэхтээхтэр, улахан суруйааччылар хабар тиэмэлэринэн, суруллуулара хомоҕойунан саха литературатыгар бэлиэ, сонун көстүү быһыытынан сыаналыыллар.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр анаан минээн Уйулҕаны көрөөрү, истээри, Ньурба улууһун историятыгар анаан айбыт айымньыта сүрэхтэнэр үөрүүлээх түгэнин үллэстээри кэлбит дьон суруйааччыны дохсун ытыс тыаһынан уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
Суруйааччы бэйэтин билиһиннэрэн, саҥа арамаана анаан айыллыбыт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр кэлбититтэн үөрүүтүн, төрөөбүт улуустарын историятын сэргээн тэрээһиҥҥэ кэлбит дьоҥҥо махталын биллэрдэ.
Саалаҕа мустубут дьон кинилэр төрүт өбүгэлэрин олохторун-дьаһахтарын туһунан сэһэргиир арамаан хайдах айыллыбыт төрүөтүн туһунан сэргээн иһиттилэр. Ол курдук арамаан “Айар “ кинигэ кыһатын салайааччыларын Август Егоров, Валерий Луковцев суруйааччыга этии киллэриилэринэн суруллар, айыллар дьылҕата быһаарыллыбыт. История тиэмэтин, былыргыны мэлдьи да сэргээн, мындырдаан ааҕар, хасыһан үөрэтэрин сөбүлүүр суруйааччы Уйулҕан элбэх туһааннаах литератураны булан ааҕан, архыыпка үлэлээн, Хатыы сиригэр кэлэн сылдьан, элбэҕи билэр, анаан үөрэппит кыраайы үөрэтээччилэри кытта сирэй көрсөн бэйэтэ туспа умсугутуулаах үлэтэ саҕаламмытын туһунан кэпсиир.
— Кыраайы үөрэтээччи Егор Яковлевич Васильевы кытта көрсүһүүбүтүгэр Дыгын күтүөттэрин туһунан элбэҕи истибитим. История билимин дуоктара Егор Егорович Алексеев номоххо киирбит холкуос салайааччытын И.С.Егоров Уһун Дьуона туһунан кинигэтин, “Саха киэн туттар дьоно “ сериянан тахсыбыт “Уһун Дьуона “кинигэни сиһилии билсибитим. Манчаары Малдьаҕарга дьоһуннаахтык олорон олоҕун түмүктээбитин туһунан арамааным түһүмэҕэр киллэрэргэ сананан, Ньурба сиригэр хайдах айаннаан кэлбититтэн саҕалаан анаан үөрэппитим.
Историческай арамаан олоххо буолбут история чахчыларыгар олоҕуран суруллубутун сэргэ уус-уран айымньы быһыытынан айар киһи өттүбүттэн бэйэм көрүүбүнэн ааҕааччыны умсугутар гына сытыы сюжеттарынан байытан, мүччүргэннээх сырыыларынан ситэриллэн-хоторуллан оҥоһулуннаҕа.
“Көһөрүллүү “ диэн сэһэним тахсыбытыгар дьон “Эн бэйэҥ Чурапчыгын дуо? “ диэн ыйыталлар этэ. Мин Мэҥэ-Хаҥаласпын, онтон төрүттээх буоллуҥ да Мэҥэҕин өрө тардыахтааххын диэн курдук буолбатах. Мин сахабын, сахам норуотун олоҕун историятын суруйабын.—диир Василий Гоголев-Уйулҕан.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ылбыт улуус аҕа баһылыга А.М. Иннокентьев, улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.И.Евсеев, улуус култууратын департаменын салайааччыта Р.М.Тихонова, нэһилиэктэр баһылыктара хаан тардыһар өбүгэлэрин олоҕун хас да үйэни нөҥүөлээн көрдөрөр историческай арамаан айыллыбытын биһирии көрсүбүттэрин, айымньы билиҥҥи уустук кэмҥэ ыччаты патриотизм, дойдунан киэн туттуу тыыныгар иитиигэ хаһааҥҥытааҕар да суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
“Айар “кинигэ национальнай кыһатын дириэктэрэ Август Егоров биир дойдулаахтарын историческай арамаан сүрэхтэнэр кэрэ бэлиэ түгэнинэн истиҥник эҕэрдэлээн, саҥа айымньы төрөөбүт төлкөтүн туһунан санааларын үллэһиннэ:
—Ньурбаларга анаан бэрт дьоһуннаах, киһи ылынар, ааҕар айымньыта күн сирин көрдө. Биир дойдулаахтарым, саҥа айымньыны сыа-сым курдук тутан, бэйэҕитигэр иҥэринэргитигэр ыҥырабын.
Билигин олох тэтиминэн, киинэ, тыйаатыр эйгэтэ эмиэ сайдар. Бу айымньынан киинэ оҥоһулуннаҕына, испэктээк да турдаҕына, суолтата өссө улаатыаҕа. Айымньыны кэнчээри ыччаппытыгар— оскуола оҕолоругар киэҥник билиһиннэриэххэ.
Туох барыта санааттан саҕыллар, толкуйтан тобуллар. Бу айымньы суруллуутугар оруоллаах Валерий Луковцев сэрии сылларынааҕы хоргуйуу тиэмэтигэр үс кинигэлээх ааптар.Бу саха норуотун дьылҕатыгар алдьархайдаах кыһалҕанан аарыгыран ааспыт кэми сүрэҕэр-быарыгар чугастык ылынар. Онон Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар “Хатыы “ холкуоһу сатабыллаахтык, муударайдык салайан, аһыныгас, айыы санаатынан харааннаан олорбут, ол туһугар олоҕор элбэх моһоллору көрсүбүт И.С. Егоров-Уһун Дьуонаны үйэтитиигэ анаммыт кинигэҕэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлэстэ.
Уйулҕан билигин айар-суруйар дьон ортолоругар тыла-өһө хомоҕойунан, сатаан уобарастаан, ситимнээн суруйарынан, прозаҕа, сэһэҥҥэ, кэпсээҥҥэ биир бастыҥнарынан буолар.
Онон ньурбаларга, кэнчээри ыччаттарбытыгар анаан дьоһуннаах, улахан үлэ оҥоһулунна. Василий Иннокентьевич айымньы таҥыллыытын кыайа-хото тутан, наһаа итэҕэтиилээхтик, ааҕааччыны умсугутардыы суруйда. Үс үйэ анараа өттүгэр олорон ааспыт дьон олоҕун-дьаһаҕын, санаатын-оноотун, тылын-өһүн таҥаһын-сабын, сэбин –сэбиргэлин, хайдах билэрий диэн сөҕө да саныыгын.
Биһиги, Ньурба дьоно, дьоһун үлэ оҥоһуллубутугар махталлаах буолуоҕуҥ, кинигэни кытаатан ааҕыҥ, билсиҥ, ыччаттаргытыгар кэпсээҥ. Тус бэйэм Ньурбаттан төрүттээхпинэн, саҥа айымньы сүрүн дьоруойа Уһун Дьуона сиэн быраата буоларбынан астынабын,— диэн Август Егоров саҥа кинигэ туһунан санааларын үллэһиннэ.
—Наһаа интэриэһинэй айымньы буолбут, сөҕө-махтайа аахтым,— диир философия билимин дуоктара, ийэтинэн Ньурба Малдьаҕарыттан төрүттээх Андрей Саввич Саввинов. Кини ахсааммытынан аҕыйах, сороҕор симэлийэн да хаалар кутталга киирэр саха омугун билиҥҥи уустук быһыыга-майгыга өй-санаа өттүнэн түмүүгэ история кырдьыктаах чахчыларыгар олоҕурбут дьоһун кинигэ оҥоһуллубутун бэлиэтээн эттэ. Дьон олоҕун –дьаһаҕын тэрийии быһаччы салайааччыттан тутулуктаах. Историческай арамааҥҥа сүрүн дьоруой быһыытынан кэпсэммит Уһун Дьуона билиҥҥи салайааччыларга, ыччат дьоҥҥо утумнааһын, холобур оҥостуу туһунан санаалары үөскэтиэхтээх. “ Ыччат хайаан да ааҕыахтаах кинигэтэ” диир кини.
—Уйулҕан историческай арамаанын литератураны чинчийэр учуонайдар, айар, суруйар дьон билиҥҥи саха литературатыгар дьоһун көстүү диэн сыаналаатылар. Көлүөнэлэр ситимнэрин, утумнааһын суолунан билиҥҥи олох сытыы боппуруостарыгар болҕомтону туһаайар, кэмигэр тахсыбыт кинигэ.
Киһи үтүөтэ умнуллубат. История билимин дуоктара Е.Е. Алексеев, кыраайы үөрэтээччилэр И.Я. Таҥхаров, Е.Я.Васильев, А.А.Дмитриев, кинилэр үлэлэрин салҕааччы Т.Г.Дмитриева, Р.М.Тихонова онтон да атын Ньурба улууһун историятын үйэтитиигэ үлэлэспит дьоммут бу кинигэ тахсыытыгар бигэ тирэх буолбуттарын бэлиэтээн. махтанан этэбит.
Тылынан-өһүнэн, ойуулуур-кэпсиир дьоҕурунан, төрөөбүт норуотун историятын кыайа тутан суруйар ураты суоллаах-иистээх Василий Гоголев-Уйулҕан ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлээн, айар талаанын күүһүнэн Ньурба хоһуун, сатабыллаах, туруу үлэһит, сиэрдээх-майгылаах дьонугар гимн кэриэтэ буолар аналлаах айымньыны айан таһаарда. Орун оннугар буолар гына таҥыллыбыт, киһини ылыннарар ис хоһоонноох айымньы билиҥҥи уустук быһыыга-майгыга патриотическай күүрээни саҕар, үүнэр көлүөнэни иитэр күүһэ улахан,— диэн бэлиэтээһиннэри оҥордо бу кинигэ суруллуутугар санаатынан суол аспыт, киирии тылын суруйбут, эрээдэктэрдээбит Валерий Луковцев.
Дьэ ити курдук кинигэни Ньурба сиригэр сүрэхтээһин ситиһиилээхтик ааста. Элбэх киһи санаатын үллэһиннэ, дьон-сэргэ илиилэригэр ылбыт саҥа кинигэлэригэр ааптартан илии баттааһыннаах хаалаары суруйааччыны тула үмүөрүстүлэр.
Галина НЕЛЬБИСОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: