Маҥан дьураалаах аһыҥа улахан хоромньуну аҕалар

Share

Саха сирин алаастарыгар сүөһү иитиитинэн дьарыгырар дьон аһыҥа туох ороскуоту оҥорорун бары билэллэр. Аһына алаас отун сиэн быйыл оппут суох буолла диэн үҥсэргээһин ордук кураан сылларга бэрт үгүстүк иһиллэр. Туһааннаах исписэлиистэр кэтээн көрүүлэринэн, үгүс дьон этэринэн, араадьыйа кэпсииринэн, хаһыакка суруйалларынан, кэлэр да инники сылларга улахан курааннар туруохтара дииллэр.

Оттон кураан сайын буолла да, аһыҥа тууһугуран туран олус хойуутук үөскүүр. Саха сиригэр аһыҥа биир көрүҥэ — маҥан дьураалаах аһыҥа улахан хоромньуну аҕалар. Аһыҥа өрө турбут турбут дьылыгар, алаас ото күөгэйэр күөх от быыһыгар онон-манан араҥас хадьымал өҥүнэн көрөн турар буолар. Оттон бэс ыйыгар кыра иэннээх алаас ото барыта, оттон улахан алаас үрэх өттө уот сиэбитин курдук араҥас өҥнөнөр. Ол барыта аһыҥа сиэрэ суох үөскээнн тото аһаабытын түмүгэ буолар.

Күөххэ үктэнэн, туһааннаах исписэлиистэр аһыҥа чинчийиитин бу күннэртэн саҕалаатылар. Билиҥҥии туругунан, Мэнэ-Ханалас улууһугар аһыҥаны утары эмтээһиҥҥэ сорох нэһилиэктэр, хаһаайыстыбалар  бэлэм сылдьаллар. Араҥас, Доллу, Мөҥүрүөн, Төҥүлү нэһилиэктэрэ “Россельхозцентр” Саха сиринээҕи салаатын нөҥүө Кинфос, Локустин диэн эмтэри сакаастаан олороллор. Эмтэрэ кэллэр эрэ эмтээбитинэн барыахтаахтар. Улуус үрдүнэн былаан быһыытынан 1000 гектар эмтэнэрэ сабаҕаланар.

Дьэ онон, ханнык ньыманы туттан, алаастарга, ходуһаларга үүнэн эрэр күөх оту хайдах быыһыыбыт?

Былыр-былыргыттан аһыҥа алаастарга үөскүүрүн уонна ону  утары биһиги өбүгэлэрбит өбугэлэрбит араас ньыманан охсуһалларын туһунан урукку хаһыаттартан ааҕан билиэххэ сөп. Билиҥҥи үйэҕэ тиэхиньикэ сайдан турдаҕына аһыҥнаны эмтиир быдан көдьүүстээх. Онно аналлаах сөптөөх массыыналар, тиэхиньикэҕэ холбонор эбэтэр киһи сүгэ сылдьар гына опрыскивателлар бааллар. Эмтээһини бэс ыйын саҕана, аһыҥа сымыытыттан (биир сымыыкка ол эбэтэр кубышкаҕа 5-10 устуука личинка) тахсыытын кэтээн сылдьан, кинилэр кыра эрдэхтэринэ, хантан көөнньөн турар да, сонно тута охсуспутунан барыллыахтаах. Аһыҥа ыамата биллэрин кытта дьааттаах ньыманан эбэтэр дьаат суурадаһынынан охсуһуу ыытыллар. Кыстаабыт сымыыттартан личинкалар күн көрөр сиригэр, кырдалларга ордук эрдэ тахсаллар. Итинник сирдэргэ кинилэр ыам ыйын бүтэһигэр эбэтэр бэс ыйын саҥатыгар тахсалларын саҕалыахтарын сөп. Оттон алаас ортотун диэки, бэттиэмэ от үүнэр сиригэр аһыҥалар ордук элбэхтик бэс ыйын иккис декадатыгар эбэтэр ити ый ортотун диэки тахсаллар. Химическэй ньыманы туттар буоллахха туһааннаах тэрилтэ эбэтэр үүнээйини харыстыыр үлэһиттэртэн ыйытан, сүбэлэтэн баран сөптөөх дьааты талан эмтэниллэр. Химическэй ньыманы кытта тэҥэ, эбэтэр аҥардастыы агротехническай ньымалары туттуохха сөп. Онно аһыҥа хойуу оту сөбүлээбэтин, кинини ордук убаҕас оттоох сиргэ сылдьарын туһанан маннык сэрэтэр үлэлэри ыытыахха наада: элбэх сыллаах оттор сиэмэлэрин алааска күьүн эбэтэр саас ыһан, ходуһаҕа от үүнүүтүн хойуннарыхха сөп. Сүөһү ходуһаҕа киирэн от тэпсибэтин диэн, оттуур сирдэри күрүөлээһин, от хойуутук үүнэрин наадатыгар үөр сылгы уонна ынах сүөһү мэччирэҥин бэрээдэктээһин эмиэ аһыҥа оту сиир хоромньута аччыырыгар көмөлөһөр.  Ону таһынан күһүн эбэтэр саас ходуһаҕа минеральнай, ордук азотнай уоҕурдуулары  ыһар, саас үүнээйи хойуутук уонна эрдэ тахсарын түргэтэтэр. Саас, күһүн аһыҥа сымыыттыыр сирин чопчу булан, сир кырсын баранаалааһын, атыннык эттэххэ, тарааһын аһыҥа үөскүүр  усулуобуйатын кэһэр, тараах тииһэ кубышкаларын алдьатар.

Аһыҥаны утары сатабыллаахтык  охсуһар наадатыгар маҥан дьураалаах аһыҥаны атын көрүҥүттэн сатаан араарар буолуохха наада, хайдах уратылаахтык сайдарын, төһө түргэнник үөскүүрүн, төрүүрүн билиэххэ наада. Бу манан туһааннаах үлэһиттэр “Россельхозцентр” ФГБТ Мэҥэ-Хаҥаластааҕы филиалын исписэлиистэрэ дьарыгыран үлэлииллэр. Олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү ыйдарга аһыҥа үөскүүрүн кэтээн көрүүнү тэҥҥэ оҥоро үөрэнэллэрэ нэһилиэктэргэ туһаны эрэ аҕалыа этэ.

Хаартыскалар: Т.Шестакова архыыбыттан

Туйаара Шестакова, “Россельхозцент” ФГБТ Мэҥэ-Хаҥаластааҕы отделын кылаабынаай  агронома

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago