Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр
Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах буолла.
Мунньахха Таатта нэһилиэгин дьаһалтатын уонна «Сарыал» култуура тэрилтэтин үлэһиттэрэ, дириэксийэ сүрүн эппиэттээхтэрин Гаврил Вырдылин, Клавдия Протопопова кыттыыны ыллылар диэн Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. Туох үлэ-хамнас бара турарын туһунан «Манчаары оонньууларын» улуустааҕы дириэксийэтин салайааччыта Петр Захаров иһитиннэрдэ:
— Бүгүҥҥү күнү ааҕан туран, оонньууларбытыгар диэри 213 хонук хаалла. Ааспыт күннэри ылан көрдөххө тэрийээччилэри, кыттааччылары түһэрии барыта 7682 киһи, ол иһигэр 1200 спортсмен, 1500 киһи курдук култуура тэрээһиннэригэр, 314 судьуйа, ол иһигэр 200-чэ сырдатар дьоммут, онтон 150 киһи аҥардас СКИХ үлэһиттэрэ уо.д.а кэлэллэрэ былааннанар. 4412 киһини 20 тэрилтэнэн, 33 эбийиэгинэн түһэриэхтээхпит. Мантан балыыһа амбулаторията, «Туйаара», «Сулусчаан», Чөркөөх КСК- та ирдэбилгэ эппиэттээбэттэринэн туораатылар. Онон Харбалаахтааҕы ХОК, кыалыннаҕына онтон Уолбаҕа, Туора Күөлгэ түһэриэхпит. Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба дэлэгээссийэлэрэ оонньууларга кыттарга миэстэлэрин көрөн, билсэн бардылар. Сунтаар сайаапка түһэрэн олорор.
Кэтэх ыалларга түһэриини күүскэ ыытарга боппуруос турар. Үп пуондата түөрт сылга биирдэ ыытыллар, саха хааннааҕы успуорт эйгэтинэн түмэр, сомоҕолуур «Манчаары оонньууларын» тутаах боппуруоһунан буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 10 мөл. 115 тыһ. 879 солк. 42 харчы киирбититтэн 8 мөл. 475 тыһ.166 солк. 42 харчы ороскуоттанна. Ипподром тутуутун матырыйаалын атыылаһыыга, улуус киинин палисаднигын, субуотунньуктары тэрийиигэ, маскоттарга, СЮН кыһыҥҥы тэпилииссэтин каркаһыгар, тырааныспар ороскуотугар, о.д.а туһаныллыннылар. Тутуу боппуруоһугар сүрүн тутууларбыт ыйыллыбыт күнүгэр-дьылыгар эппиэттээн киирэллэр. Ол эрээри, Чөркөөххө тутуллуохтаах модульнай успуорт саалатын тутуута акылаатыттан өндөйө илигинэн, кулун тутарга дылы уһаата. Ону таһынан, Дьохсоҕоҥҥо тутуллуохтаах кыра стадион үбүлээһинэ көрүллүбэтэ. Паарка түһүлгэтин Вячеслав Яроев бырайыагынан, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир гына тутуллар. Таатта сирин сүдүтүн, кэрэтин көрдөрөр кыраныыссатын тутуутугар Чурапчы улууһа 1 мөл. кыттыһарга бэлэм. Кыраныыссабыт тутуута биир дойдулаахтарбытыгар «Сириус» тэрилтэҕэ, салайааччы Сергей Софроновка сүктэрилиннэ.
Пуонданы хаҥатыыга биир санаанан Хара Алдан оскуолата төрдүс кыбаарталын, улуустааҕы балыыһата, Тааттатааҕы лесничество үһүс кыбаарталын уктулар. Улуус нэһилиэктэрин дьаһалталарын ылан көрдөххө, алта эрэ нэһилиэк уган олорор. Онон биир дойдулаахтарбыт өйдөрүнэн-санааларынан ылынан, төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар кылааттарын киллэриигэ үлэлиэхтэрэ диэн бүк санаалаахпыт. Манчаарыга Тааттабыт аата дуорааннаахтык аатанарыгар бары күүһү!, — диэн Петр Захаров кэпсээтэ.
Вера Канаева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: