2025 сылга Тааттаҕа XXII “Манчаары оонньуулара” ыытыллыаҕа. Сабаҕалааһын быһыытынан, бу улахан тэрээһин түһүлгэтигэр сэттэ тыһыынча киһи кэлэрэ күүтүллэр.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ улахан далааһыннаах успуорт оонньуулара ыытыллар буоллахтарына, онно сөп түбэһиннэрэн нэһилиэктэр, улуус хайаан даҕаны уларыйыахтаах, тупсуохтаах. Ол курдук, Ытык Күөлгэ уулуссалар аспаалланыахтара, Биэрэк үрдэ саҥа ирдэбилгэ толору эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах, дьон сынньанар сирдэрэ баар буолуохтаахтар. Итиннэ үлэ саҕаланна, — диэн Айсен Николаев иһитиннэрбитэ.
Аны биир сылынан XXII “Манчаары оонньуулара” Таатта улууһун киин Ытык Күөл нэһилиэгэр ыытыллыаҕа. Онно бэлэмнэнэн, от ыйын 2 күнүгэр, таатталар “Манчаары оонньууларын” таблотун кыһыл уотун үөрүүлээхтик уматтылар.
Ытык Күөл киин болуоссатыгар Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев саха Олимпиадатыгар тэҥнээх улахан оонньуулар таблоларын уотун уматыыта буоларын биллэрдэ. «Аны биир сылынан бу күн 8 чааска XXII “Манчаары оонньууларын” факела умайыаҕа. Күнтэн күн бу сыыппара биһигини оонньууларга угуйа, элбэҕи ситиһэргэ, кыайыыга-хотууга сирдиэҕэ. Хас биирдиибит өрө турунан, тэрэһиннээхтик оонньулары ыытыахтаахпыт диэн бэйэбитигэр кыаҕы үөскэтиэхтээхпит», — диэтэ Айаал Бурцев.
Успуорт улахан түһүлгэтэ саҕаланара хас күн хаалбытын ааҕар таблону Айаал Семенович Бурцев, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов уонна оҕолорго Арассыыйа, Саха сирин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Ытык Күөл маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айтал Винокуров холбоотулар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…