«Манчаары оонньууларыгар» диэри суол оҥоһуллуо дуо?
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр сыл былааннарын билиһиннэрэр пресс-кэмпириэнсийэтэ буола турар.
«Тэтим» араадьыйа салайааччыта Николай Бястинов эһиил Тааттаҕа «Манчаары оонньуулара» ыытылларынан суол өрөмүөнүн үлэтин, Халыма трассатын туһунан Ил Дархантан ыйытта. Айсен Николаев: «Быйылгы ардахтаах сайыҥҥа өрөмүөнү оҥоруу сорох федеральнай трассаларга уһаан-кэҥээн хаалла. Тустаах салайааччыларга сорудах бэрилиннэ, аны сайын итинник балаһыанньа хатыланыа суоҕа диэтилэр», — диэн хоруйдаата.
«Саха» НКИХ телеханаалларын дириэксийэтин салайааччы Олег Колесов тырааныспар реформатын туһунан Ил Дархан санаатын ыйытта. Айсен Николаев: «Бу реформа өссө 2018 с. оҥоһуллуохтаах этэ. Билигин куоракка 400 тыһ. киһи олорор. Оттон биһиги баччааҥҥа диэри 250 тыһ. киһи олорор кэминээҕинэн үлэлии олорбуппут. Саҥа кыбаарталлар баар буоллулар. Уустуга диэн, уларытыылары кыһын саҕаланыыта киллэрдилэр. Үчүгэй оптуобустар, суоппардар тиийбэттэр. Ону куорат дьаһалтата быһаарыаҕа», — диэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: