«Мандар Уус» мусуойунай комплекс өссө кэҥиэҕэ, сайдыаҕа

«Мандар Уус» мусуойунай комплекс өссө кэҥиэҕэ, сайдыаҕа

Ааптар:
02.01.2023, 14:31
Бөлөххө киир:

 Ил Дархан Айсен Николаев уонна норуот маастара, Саха сирин Духуобунаһын академиятын академига Борис Неустроев — Мандар Уус көрсөн атах тэпсэн олорон,  Таатта улууһун Байаҕантай нэһилиэгэр баар «Мандар Уус»  мусуойунай комплексы кэҥэтэр туһунан кэпсэттилэр. 

Мандар Уус билиһиннэрбитинэн, «Боотурдар аллеялара», «Уус тэлгэһэтэ» диэннэри тутуу былааҥҥа баар эбит. Виртуальнай мусуой аналога оҥоһуллуохтааҕын туһунан эттэ. Айсен Николаев Саха сиригэр үөрэтэр, научнай-чинчийэр уонна туристическэй суолталаах буолуохтаах «Мандар Уус» этнологическай мусуойунай комплексы кэҥэтиигэ сөптөөх болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда, өйүүрүн туһунан эттэ.
Билиҥҥи туругунан манна «Моҕол Ураhа», «Саха ууһун мусуойа», «Саха балаҕана» диэн сүрүн үс тутуу баар.  Мусуойга  былыргы сэрии, булт сэбэ-сэбиргэллэрэ уонна кинилэр куопуйалара көрдөрүүгэ тураллар. Балары Саха сирин уустара оҥорбуттар.
Кэпсэтии кэмигэр «Саха оһуордара уонна орнаменнара» диэн ураты альбому кэҥэтэн оҥорор туһунан боппуруос таарыйылынна. Санатар буоллахха, ураты сборник 2007 сыллаахха бэчээттэммитэ. Манна XVII —  XX  (саҕаланыыта) үйэлэр этнографическай матырыйааллара, сахалыы таҥас-сап, киэргэллэр, мал-сал киирбиттэрэ. Альбом баай, ураты матырыйаалларын булууга 40 сыл  барбыт. Мандар Уус Айсен Николаевка өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ураты култуурабытын уонна уус дьыалатын үйэтитиигэ сөптөөх өйөбүлү оҥороругар махтал тылларын эттэ.
Көрсүһүүгэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков, СӨ Бырабыыталастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Байаҕантай нэһилиэгин баһылына Роман Романов уонна биллэр-көстөр тимир ууһа Николай Иванович Егоров-Байаҕыын кытыннылар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: