Салгыы
Маҥнайгы хаар кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ

Маҥнайгы хаар кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ

04.10.2024, 18:15
Хаартыска: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Хаар киһини оҥороргутун төһө сөбүлүүгүт? Наһаа үчүгэй дии. Тоҕо диэтэххэ, биһиги бары оҕо саастан тахсыбыт дьоммут эбээт.

Хаартыска: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.

Алтынньыга маҥнайгы хаар түһэр кэмэ. Дьэ саамай тугу баҕарбыккын оҥорор инчэҕэй хаарыҥ түһэр. Оҕолору үлэлэтэ таарыйа, айар дьоҕурдарын сайыннараҕын, бары бииргэ тугу эрэ оҥороҕут.

“Биһиги дьиэ кэргэн сыл аайы бастакы хаар  түстэ да, хаар киһини оҥорор идэлээхпит”, — диэн кэпсиир икки оҕо ийэтэ Анна Егоровна.

Бүгүн Кобяковтар дьиэ кэргэттэрэ оҕолорун Машаны уонна Влады кытта үс хаар киһини оҥорбуттар. Наһаа бэһиэлэй, үчүгэй дьоннору. Эдэр ыал тиэргэнэ хайыы үйэ уларыйа, сэргэхсийэ түспүт. Сүрүнэ, оҕолор өйдөрүгэр оҕо саас кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ үйэ-саас тухары хатанан хаалыахтара турдаҕа.

Татьяна Максимова-Лазарева.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: