Маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр күннүктэри бэлэхтээтилэр
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 тыһ. тахса оҕо бастакы кылааска киирэр. Кинилэргэ Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан икки тылынан суруллубут күннүктэри (дневник) бэлэх ууннулар.
Күннүк икки тылынан суруллубут – сахалыы уонна нууччалыы. Манна Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыаларын тиэкистэрэ уонна каарталара киирбиттэр, бырааһынньыктара суруллубуттар.
Күннүгү “СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии иитинэн оҥорбуттар. Атын күннүктэртэн уратыта диэн, манна оҕо күннэтэ настарыанньатын бэлиэтиирин курдук “Мин уйулҕам” диэн пуун киирбит. Үлэ сылын иитинэн “Үлэҕэ ситиһии сыанабыла” диэн пууҥҥа учуутал оҕо төһө көхтөөхтүк үлэлээбитин, хамаанданан, баҕа өттүнэн үлэҕэ кыттыытын түмүгүнэн сыана туруоруон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: