Салгыы
Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоох дьонтон 9 тыһ. тахса сайабылыанньа киирбит

Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоох дьонтон 9 тыһ. тахса сайабылыанньа киирбит

12.04.2024, 12:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сирин 9 тыһ. кэриҥэ олохтооҕо оҕотун маҥнайгы кылааска киллэрээри Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө сайабылыанньа ыыппыт. Бу сайаапка уопсай ахсааныттан 95 % буолар, барыта 9378 сайаапка диэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ иһитиннэрэр.   

Биллэрин курдук, оҕону маҥнайгы кылааска сурутуу икки түһүмэҕинэн барар. Ол курдук, муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри, олорор сир аттыгар баар оскуолаҕа, ону тэҥэ, чэпчэтиинэн, холобур, эдьиийдэрэ, убайдара үөрэнэр түгэннэригэр сайабылыанньа биэриэххэ сөп. Онтон атын оскуолаҕа — от ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри. Сайабылыанньаны миэстэ баар түгэнигэр ылыахтара.

Маны сэргэ, уһуйааҥҥа сайабылыанньаны ылыы салҕанар. Күн бүгүн 4 831 сайабылыанньа киирдэ, итинтэн Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө – 3 705  диэн иһитиннэрэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл күһүн өрөспүүбүлүкэҕэ 17 410 оҕо оскуола боруогун аан маҥнай атыллыахтаах. Кинилэргэ анаан 849 кылаас аһыллыахтаах.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: