Манньыаттаах уолун аатынан пуонда тэрилиннэ
Саха сирин биллиилээх атыыһыта, уопсастыбанньык, меценат, саха норуотун бастакы интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, үгүс дьону сырдыкка-билиигэ сирдээбит, үөрэххэ кынаттаабыт Гавриил Васильевич Никифоров-Манньыаттаах уолун аатын, олорон ааспыт дьиэтин-уотун үйэтитэр сыаллаах пуонда тэриллэн үлэтин саҕалаата.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу күннэргэ пуонданы тэрийээччилэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын Дмитрий Тихоновы кытта көрсөн, үлэлэрин былаанын билиһиннэрдилэр.
Пуонданы тэрийээччилэринэн Манньыаттаах уолун ини-биитин – Атыыһыт Байбал сыдьааннара буолаллар. Ол курдук Светлана Васильева (Дьокуускай), Василий Чабыкин (Амма), Георгий Никифоров (Мэҥэ Хаҥалас) 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин Эмис алааһыттан, Аһыкай аҕа ууһуттан төрүттээх, силистээх-мутуктаах дьон пуонда үлэтин саҕалаатылар.
Салайааччынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Михаил Масаха ананна.
Маҥнай утаа пуонда үлэтин Манньыаттаах өтөҕүн сөхсүтүүттэн, балаҕанын чөлүгэр түһэрииттэн саҕалыаҕа. Онтон салгыы, Гавриил Никифоров бэйэтин кэмигэр үөрэҕириигэ үгүс сыратын уонна кыаҕын анаабытын курдук билии-үөрэх туһугар үлэлиэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: