Алтынньы саҥатыгар “Натааһа абырыыр дуу, алдьатар дуу?” диэн матырыйаалга портативнай гараас туһунан суруйуубутун ааҕааччыларбыт сэҥээрбиттэрэ. Онон бу сырыыга портативнай гараас туһунан салгыы суруйабыт.
Хаартыскаҕа көрөргүт курдук, итинник анал сабыы эмиэ баар эбит. Уратыта диэн, тимир көлө солуонун үөһээ өттүнэн барытын бүрүйбэт, быһаҕаһын эрэ сабар. Хаартыскаҕа түһэрэн баран, массыына хаһаайынын кэтэһэн көрдүм да кэлбэтэ, аны халлаан тымныытын иһин өр күүппэтим.
Автоэлектриктэртэн маннык портативнай гараас хайдаҕын-тугун туһунан ыйыталастым. Бастаан ыйыппыт исписэлииһим: «Маннык баарын саҥа көрдүм. Атын сабыылар тимир көлөнү барытын бүрүйэллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ итинник сабыылары хото туһаммыттарын кэнниттэн тимир көлөлөр электрикалара, уоттара-күөстэрэ ордук айгырыыра элбээтэ. Биллэн турар, биһиэхэ автоэлектриктарга үлэ элбээтэҕэ дии, ол аата харчыны өлөрөрбүт улааттаҕа (күлэр). Хаартыскаҕа көстөр портативнай гараас быдан ордук буолуон сөп. Массыына кыһын өр собуоттанан турарыттан иһигэр “инчэҕэй” (конденсат) үөскээбэтигэр, итинник сабыы улахан оруолу ылара чуолкай. Аһаҕас солуонунан сылаас тахса турар буоллаҕа, судургутук эттэххэ, хаайтарбат», — диэн хоруйдаата.
Иккис автоэлектригым: «Итинник сабыы соччото суох. 50-60 кыраадыс тымныыга тугу абырыай? Солуон иһэ тымныы буоларыгар тиийэр. Арай, оһоҕу күүскэ үлэлэттэххэ эрэ сатанара буолуо. Онон биир бэйэм сөбүлээбэтим. Бүтүннүү сабыллан турара быдан ордук. Манна биири өйдүөххэ наада. Үгүс дьон “Натааһа” массыына электрикатын кэбирэтэр дииллэр, барытыгар портативнай гарааһы буруйдуур сыыһа. Биһиги дойдубут курдук 50 кыраадыска тиийэр тымныыга күнү-күннүктээн тохтоло суох үлэлиир тимир көлө айгырыыра чуолкай», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Биллэн турар, итинник сабыыны туһана сылдьар массыына хаһаайынын кытта көрсөн кэпсэппэтэҕим хомолтолоох, хаһаайын тоҕо итинник портативнай гарааһы туһаммытын кэпсиэхтээҕэ хааллаҕа. Чэ буоллун, эрэ диирбитигэр тиийэбит. Итинник быһаҕас оҥоһуулаах портативнай гараас үчүгэй өттүн көрдөрдөҕүнэ, сотору атыыга дэлэйиэ. Дьон наадыйыыта элбээтэҕинэ, ырыынакка тахсыа. Ырыынак сокуона оннук.
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…