Маннык уһуйааннар элбии турдуннар
Дьокуускайга “Прометей” микро-оройуоҥҥа баар Т.С.Комарова аатынан 18-c №-дээх “Прометейчик” уһуйааҥҥа Оҕо көмүскэлин күнүн иннинэ анаан-минээн тиийдибит. Бу оройуон хара тутуллан киириэҕиттэн бэйэтин иһигэр уһуйааннаах. “Прометейчик” уһуйаан 2015 сыллаахха аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн Мария Сергеевна Трофимова үлэлиир.
Сахалыы тыыннаах «Кулунчук» бөлөххө
«Прометей» оройуоҥҥа киириибитигэр, уҥа үс кэккэлэһэ турар үрдүк мэндиэмэннээх дьиэлэргэ «Прометейчик» уһуйаан иккис куорпуһа баар. Тимир күрүөлээх олбуордаах, уһуйаан кирилиэһин таһыгар уонча самокат, оҕо кэлээскэлэрэ кэчигирэспиттэр. Дьэрэкээн өҥнөөх, ыраас баҕайы оҕо былаһаакката нэлэһийэр. Оруобуна оҕолор күнүскүлэрин утуйан турууларыгар тиийдибит. Биһиги чугастыы бастаан бу куорпуска баар «Кулунчук» бөлөҕөр сылдьан ааһарга быһаарынныбыт. Бахила кэтэн, соммутун устан уһуйааҥҥа киирбиппит, кырачааннар, иккилэрин саҥа ааспыт дьон, утуйан туран тоотоҥноһо сылдьаллар. Сорохтор дьоҕус остуолларга үстүү-түөртүү буолан хабылык, хаамыска оонньуу олороллор.
Иитээччи Мария Иовлева биһигини сэргэхтик көрүстэ:
– «Прометейчик» уһуйааҥҥа дьааһыла саастаах оҕолорго аналлаах түөрт бөлөх баар. Манна дьааһыла аһыллыаҕыттан үһүс сылбын үлэлиибин. Ол курдук, «Кулунчук» бөлөхпөр 37 оҕо сылдьар. Үлэлииргэ-үүнэргэ бары усулуобуйа баар. Бөлөхпүт аатын курдук сахалыы тыыннаах. Манна оҕолорун сахалыы иитиэн баҕарар төрөппүттэр сырытыннараллар. Дьааһылабытын быйыл үс бөлөх бүтэрэр. Оҕолорго физкултууралыыр, ырыаҕа уһуйар анал саалалардаахпыт. Күһүн быыкаайык дьон кэлбиттэрэ, билигин лаппа улааттылар. Саҥарар, хоһоон ааҕар буоллулар. Самаан сайыны көрсө Ньукуолун күн ыһыахтаабыппыт. Төрөппүттэр биһиэхэ эрэнэн оҕолорун сахалыы бөлөххө биэрэллэригэр махтанабыт.
Оҕолор оонньуур куукулалара барыта сахалыы таҥастаахтар, бу таҥастары иитээччи Мария Иовлева оҕолор утуйа сыттахтарына тигэр. Биһиги кэпсэтэн бүтэн, хаартыскаҕа түһэрэн тахсыыбытыгар, оҕолорго түөртүүргэ чорооннорго үүт уонна сахалыы лэппиэскэ түҥэттилэр. Чахчы сахалыы тыыннаах бөлөххө сылдьыбыппытыттан олус астынныбыт.
Сахалыы балаҕаннаах «Күнчээн» бөлөххө
«Күнчээн» бөлөххө оҕолор бары эмиэ сахалыы таҥастаах оонньуу сылдьалларыгар түбэстибит. Дьоҕус балаҕан оҕото, сахалыы хабылык, хаамыска оонньуурдар, саламалаах сэргэлэр харахпар тута быраҕылыннылар. Оҕо сахалыы тыынын уһугуннарарга чахчы даҕаны үлэһиттэр болҕомтону ууралларын биһирээтим. Биһигини бу орто сүһүөх бөлөх иитээччитэ Марина Яковлевна Никифорова сахалыы таҥастаах көрүстэ. Иитээччи маннык сахалыы куттаах буоллаҕына, ол эйгэ оҕолорго бэриллэрэ саарбаҕа суох диэн испэр санаан аһардым.
– Бу уһуйааҥҥа үлэлээбитим сэттис сыла буолар. Биһиги бөлөхпүтүгэр 44 оҕо сылдьар. Бу аҕыйах хонугунан орто сүһүөх бөлөҕү бүтэрэн баран кэлэр күһүҥҥүттэн улахан сүһүөххэ тахсыахтара. Үөрэхпит туһунан сырдатар буоллахха, оҕолор үөрэтэр бырайыак тиэмэтигэр сөптөөх хайысхаларын бэйэлэрэ талан, оонньуу нөҥүө дьарыктана бараллар. Холобур, ким суоттуу, ким оруоллаах оонньуу, ким уруһуйдуу. Оҕо бэйэтэ талан тугу баҕарарынан оонньуура киниэхэ ордук туһалаах. Үөрэтэ сылдьар тиэмэтин ордук чугастык ылынар буолар. Уһуйааҥҥа араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллаллар. Оҕолор саҥарар, оонньуур дьоҕурдарын сайыннарарга анаан, ый аайы «Мин сөбүлүүр остуоруйаларым», «Мин – чинчийээччибин», «Кэскиллээх ааҕааччы» сиэссийэлэр ыытыллаллар. Ааспыт ыйга «Алыптаах остуоруйаларга» төрөппүттэри кытыннарбыппыт. Үлэбитигэр сыһыаран оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэригэр кыһаллаыт. Үөрэхпит бырагырааматын хайысхата оннук соруктаах. Оҕо сайдыытыгар төрөппүт уонна оҕо иккиэн кытталлара ордук. «Мин чинчийээччибин» диэн сиэссийэбитигэр оҕо тугу билиэн баҕарарын чинчийэр, үөрэтэр. Ол курдук үөн-көйүүр, айылҕа, от-мас о.д.а тиэмэлэри булан үлэлэһэр. Онон бырайыак оҥорон нэдиэлэнэн үлэлиибит. Төрөппүттэргэ көстөрүн курдук, киирии ааммытыгар үлэбит былаанын ыйыыбыт. Оҕолорун аҕала, ыла кэллэхтэринэ, ити бырагыраамалары билсэллэр. Билигин буукубаны эҥин үөрэппэппит, оҕолор тиэмэлэринэн төрөппүттэрин кытта үлэлэһэн манна кэлэн кэпсииллэр. Сүрүннээн айылҕа халандаарын үөрэтэбит. Дьыл кэмин уларыйыытын, сахалыы нэдиэлэ күннэрин, ахсааны үөрэтэбит. Быһата, оҕо күннээҕи олоҕор суолталаах билиини иҥэрэргэ дьулуһабыт.
Улахан сүһүөх бөлөҕөр
Бачча кэлбиччэ, аны биһиги «Светлячок» диэн улахан сүһүөх бөлөххө киирэргэ быһаарынныбыт. Манна номнуо оскуола боруогун атыллаары сылдьар дьоһун дьон доргуччу айхаллыы көрүстүлэр. Иитээччи – Екатерина Новгородова. Оҕолор эмиэ сахалыы таҥастаахтар, таҥастарын угар ааннаах ыскааптарыгар ааттара-суоллара, хаартыскалара сыһыарыллыбыт. Икки эрээтинэн кэккэлэспит дьоҕус ыскааптар икки ардыларыгар чуорааннардаах Аал Луук мас дьэндэйбит. Оҕолор бөлөхтөрүн иһигэр эмиэ дьоҕус саха балаҕана, оонньуурдардаах долбуурдар, эркиннэргэ оҕолор уруһуйдара кэккэлэспит. Мин ордук «Тутуу эйгэтэ», «Ас-үөл эйгэтэ» диэн туспа ыйынньыктардаах муннуктары сэргээтим. Хас биирдии муннукка оҕолор үлэлэрэ туспа паапкаларга сааһыламмыт. Сайын кэлбитин көрсө сибэкки арааһын ойуутун оҕолорго көстөр гына ыйаабыттар. Биһиги уһуйааны субу бүтэрээри сылдьар оҕолору хаартыскаҕа түһэртээн, сэһэргэһэ түһэн баран бардыбыт. Киин куораппытыгар дьиҥ сахалыы тыыннаах уһуйаан үлэлиирин көрөн олус астынным. «Прометей» оройуоҥҥа эдэр ыал уһуйаан да туһуттан олохсуйа кэлиэхтэрин сөп эбит диэн сабаҕалаатым. Олохпут сибэккилэрин, оҕолорбутун, иитэн-такайан таһаарар маннык уһуйааннар өссө да элбии турдуннар диэн түмүкпэр баҕа санаабын этиэм этэ.
Сэттэ кафедралаах уһуйаан
Салгыы «Прометейчик» уһуйаан сүрүн куорпуһугар бардыбыт. Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Мария Сергеевна мунньахха барбыт буолан, бөлөхтөрү сүрүннүүр старшай иитээччи Альбина Егорова көрүстэ.
– Уһуйааммытыгар 20 бөлөхтөөхпүт. Уопсайа 679 иитиллээччилээхпит. Аныгылыы педагогическай хайысханы киллэриигэ сэттэ кафедралаах оскуола-лаборатория тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Олортон биир сүрүн кафедрабыт – «Төрүт тыл уонна култуура». Оҕо төрөөбүт тылын, үгэстэрин, култууратын билэ-көрө улаатарыгар сүрүн болҕомтону уурабыт. Кафедраҕа сахалыы бөлөхтөрбүт иитээччилэрэ уонна ырыа салайааччылара киирбиттэрэ. Бу хайысханан сөп түбэһиннэрэн сыллааҕы былааммытын оҥостон үлэлиибит. Кафедрабыт хайысхатынан куораппыт мусуойдарын, тыйаатырдарын кытта ыкса үлэлэһэбит. Ону сэргэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммыт туспа бырайыактардаахпыт, хас сэрэдэ ахсын олоҥхо истэбит. Ол курдук, уһуйаан үрдүнэн олоҥхону холбоон кэбиһэбит. Оҕолор оонньуу сылдьан, аһыы олорон, дьарык да кэмигэр истэ сылдьаллар. Ити оҕо уйулҕатыгар, өйө-санаата тобулларыгар олус туһалаах. Ону сэргэ сахалыы күн-дьыл туругун, ый-хонук бэлиэлэрин үөрэтэбит. Оҕо кыра сааһыттан маны билэ улаатара улахан суолталаах. Уһуйааммытыгар 109 үлэһиттээхпит. Үс куорпуһунан олорон үлэлиибит. Мантан 6 бөлөх – сахалыы, 14 бөлөх – нууччалыы. Быйыл уһуйааммытын 174 оҕо бүтэрдэ. 20 бөлөххө 45-тии оҕо сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: