Маны билэҕин дуо? Кинигэ туһунан чахчылар
20.11.2024, 15:40
Хаартыска: Photo by form PxHere
Бөлөххө киир:
- Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока.
- Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка, эрэһиинэҕэ, сатыыҥҥа, оннооҕор чараас гына тэнитиллибит тиэстэҕэ бэчээттэммитин туһунан суруллар.
- Урут Испанияҕа уотунан тыгар буукубалаах хаһыаттар тахса сылдьыбыттар. Бу хаһыаттары киһи хараҥаҕа кытта ааҕыан сөбө.
- «Книжный червь» диэн өйдөбүл кинигэ хаҕын сиир үөнтэн баар буолбут.
- Бэйэтин кэмигэр Александрия бибилэтиэкэтэ аан дойду үрдүнэн биир саамай улаханынан биллэр этэ. Пуондата олус дьиктитик хаҥаабыт: ити эргин пуорка киирэр хас биирдии хараабыл туох кинигэлээҕинэн биэрэн иһэрэ. Бэйэлэригэр куоппуйата хаалара, дьиҥнээҕэ бибилэтиэкэҕэ тиксэрэ. Бу билиҥҥи кинигэлэр курдук буолбакка түрдьэ кумааҕылар (свитоктар).
«Айар» кинигэ кыһатын халандаарыттан
+1
5
+1
+1
1
+1
1
+1
1
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: