Маны билэҕин дуо? От ыйын билгэтэ
От ыйыгар күнү былытынан, үөнүнэн-көйүүрүнэн, кыылынан-сүөлүнэн, сиигинэн билгэлииллэр. От ыйын 20-с күнүгэр саары куйааһа бүтэр.
Ый биир самыырдаах — от (Бөтүрүөп) самыыра, биир тыаллаах — от саарар тыала.
От ыйа тохсунньу ыйга тэҥнэһэр.
Күн уота өллөҕүнэ, уһун кураан буолар.
Күн былыкка саспакка көрөн киирдэҕинэ, халлаан халлыбат.
Ардах бириэмэтигэр тыал түстэҕинэ, ардах сотору кэминэн ааһар.
Быстах былыт кэлэн ардаатаҕына, уһуннук түспэт.
Сибэкки, от-мас ордук сыттаннаҕына, сотору кэминэн ардах түһэр.
Сарсыардааҥҥы сиик суох буоллаҕына, ардах кэлэр.
Тоҥот кумаар түстэҕинэ, халлаан көнөр.
Ардах чиэрбэтэ сиргэ көһүннэҕинэ, ардах кэлэр.
Балык күөлгэ оонньуура — ардахха.
От ыйын 3 күнүгэр самыырдаатаҕына, 40 хонуктаах ардах түһэр диэн буолара.
6 — эмтээх оту хомуйуу саҕаланар.
10 — ардах түстэҕинэ, 14-кэ диэри ардыыр.
12 — Бөтүрүөп. Бөтүрүөп ардаҕа. Окко киирэллэр. Хортуоппуй, кирээдэ сыыс отун ыраастыыллар, буорун көбүтэллэр. Кэҕэ этэрэ тохтуур, хойутаабыт кэҕэ этэн уурайар.
21 — Борокуопайап. Кус оҕото ситэр.
25 — сиик түһүүтэ элбэх буоллаҕына, ол күн кураан буолар.
26. Борокуопайап ааһыар диэри кэҕэ эттэҕинэ, үчүгэй сайын турар.
29 — чыычаах күргүөмнээх тойуга уурайар.
2009, 2015 сыллардааҕы саха ыалын халандаарыттан, «Айар» («Бичик»)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: