Салгыы
Маны билэҕин дуо? Таас хайаҕа суруктар-бичиктэр

Маны билэҕин дуо? Таас хайаҕа суруктар-бичиктэр

Ааптар:
16.11.2024, 17:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Өлүөнэ, Сиинэ, Өлөөн, Алдан, Амма, Өлүөхүмэ, Марха, Индигир өрүстэр очуостарыгар уонна хаспахтарыгар уопсайа биэс тыһыынчаттан тахса  уруһуй булуллубута.

Саамай эрдэтээҥи уруһуйдар 40-50 тыһ. сыл анараа өттүгэр уруһуйдаммыт буолуохтарын сөп диэн суруллар.

Былыргы уруһуйдьуттар үйэлэргэ хаалар гына кытаанах сиргэ уруһуйдууллара. Уруһуйдар үксүлэрэ суураллыбат кыраасканан түһэриллибиттэр — гематиты уонна тимир урууданы үлтү мэлийэн бороһуок оҥорон ылбыт кыһыл соһонон, атына — билигин да быһаарылла илик састааптаах араас өҥнөөх соһонон.

Былыргы дьон олохторо уонна дьарыктара бултан тутулуктааҕа. Кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар кыыллар  уһулуччу күүстээхтэрэ уонна таһыччы кыахтаахтара. Онон уруһуйдарга кыыл-сүөл элбэхтик көстөр.

Бу туһунан сиһилии «Якутия удивительная и загадочная» кинигэҕэ көрүөххүтүн сөп. «Якутия удивительная и загадочная» кинигэттэн быһа тардан. («Бичик», 2015 с.)

Манна даҕатан эттэххэ, «Дальний Восток — Земля приключений» куонкуруска кыттарга ыҥыраллар. Сайаапканы ахсынньы 30 күнүгэр диэри ылаллар.

+1
15
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: