Салгыы
Маны билэҕин дуо? Зонтигы ким айбытай?

Маны билэҕин дуо? Зонтигы ким айбытай?

Ааптар:
07.08.2024, 11:47
Бөлөххө киир:

Зонтик арааһа баар. Ардах түстэ да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Сорохтор күн уотуттан хаххаланаллар. Оттон ким айбытын билэбит дуу?

Зонтигы айыы туһунан бастакы сибидиэнньэлэр түҥ былыргыттар бааллар.

Өссө Былыргы Египеккэ халлаан айыыһыта — Нут дугалыы аан дойдуну  сабардыы сытарын иһин зонтикка холууллар эбит. Киристиэс төрүө өссө 1200 сыл иннинэ Египет олохтоохторо зонтигы туһаммыттар. Кытайдар кэпсээннэринэн, зонтигы биһиги эрабыт 1000 сыл иннинэ Пэн диэн ааттаах бэлиитик кэргэнэ айбыт. Кини «киһи мэлдьи илдьэ сылдьар сарайын» айдым диэн хайҕанар эбит.

Рим олохтоохторо олус дуоспуруннаах омуктар. зонтигы күнтэн хаххаланарга туһаналлара биллэр. Индияҕа зонтик өлгөм үүнү айыыһыттарын кытта ханыыланар; Робинзон Крузо олох бары түгэнигэр туттуллар оҥоһук айбыт. Кини зонтига, таһынан түүлээх тириинэн бүрүллүбүт буолан, ардахтан, күнтэн үчүгэйдик хаххалыыр эбит. Францияҕа зонтигы «робинзон» диэн ааттаабыттар.

Оттон интэриниэккэ сурулларынан, ыам ыйын 4 күнүгэр 1715 сыллаахха Парижка аан бастаан хомуллан хаалар зонтик баар буолбут. Бастаан күн уотуттан хаххаланарга тутталлар эбит. Кэлин, 1750 сыллаахха англичанин Джонас Хенвей аан бастаан оннук зонтигынан ардахтан хаххаламмыт. 1969 сыллаахха Брэд Филлипс хомуллан хаалар зонтикка АХШ патент ылбыт. 1970 сыллаахха Totes хампаанньа АХШ итинник зонтигы атыылаан саҕалаабыт.

Интэриниэт ситимиттэн уонна «Бичик («Айар», 2015 с.) халандаарыттан ылылынна.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: