Марат Хуснуллин: Арассыыйа 152 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо 2022 сылга саахалламмыт дьиэттэн көстө
“2022 сыл 11 ыйын түмүгүнэн 2,52 мөл кв.м. саахалланар туруктаах дьиэттэн 152688 киһи көстө. “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн уопсайа 424473 киһи көстө”, — диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин иһитиннэрдэ.
Билигин 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрөллөр. “Эрэгийиэннэр бу бырагырааманы олоххо олоххо киллэриигэ үчүгэй тэтимнээхтик үлэлииллэр. Тоҕус субъект көһөрүү билиҥҥи бырагырааматын хайыы-үйэ түмүктээтэ, өссө биэс бу сыл бүтүөр диэри түмүктүөҕэ. Аҥаардас сэтинньи ыйга саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан 12750 Арассыыйа олохтооҕо көһөн таҕыста”, — диэн “Сири-уоту сайыннарыы пуондата” публчнай-быраап хампаанньатын дириэктэрэ Ильшат Шагиахметов бэлиэтээтэ.
Уопсайа “Сири-уоту сайыннарыы пуондатынан” субъектарга 32739 млрд солкуобай кээмэйдээх үбү саахаланар туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ ыыттылар. 2022 сылга эрэгийиэннэргэ 155,93 млрд солкуобай кээмэйдээх үбү-харчыны ыытыыны бигэргэппиттэрэ.
Билигин үлэлии турар көһөрүү бырагырааматын (2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэттэн-уоттан) түмүктээбит эрэгийиэннэр 2017 сыл кэннэ манныгынан билиниллибит саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан көһөрүүгэ үбү ылаллар.
РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан
Хаартыска: интэриниэттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: