Салгыы
Марфа Бурцева: “Бүөргүтүн харыстааҥ…”

Марфа Бурцева: “Бүөргүтүн харыстааҥ…”

14.05.2023, 13:04
Хаартыска: Мария
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр ордук бүөр ыарыылаах дьон ыараханнык ылларан, өрүттүбэтэх түбэлтэлэрэ үгүһүн бары истэ-билэ сылдьабыт.

Онон бу ыарыыны бохсор туһуттан доруобуйаны эрдэттэн көрө-истэ сылдьар ордуга чахчы.

Дьонтон истэн, киин куоракка бүөрү босхо көрөр Нефрология уонна диализ киинэ баарын истэн, анаан суруттаран, биир күн онно бара сырыттым. Саҥа дьиэҕэ ып-­ыраас, сып-сырдык кэбиниэккэ киирэн, анаалыс туттарарга направление ылан, олохтоохтук көрдөрүнэр буоллум. Дьоҥҥо олус туһалаах тэрилтэ эбит дии санаан, Аныгы нефрология уонна диализ киинин дириэк­тэрэ, кылаабынай быраас, доруобуйа харыстабылын туйгуна Марфа Бурцеваны кытта анаан көрсөн кэпсэттибит.

БҮӨР ХАТТАҔЫНА – “ИСКУССТВЕННАЙ БҮӨР”

Болдьоммут чааспар тиийбитим, бырааспын кытта икки эдэр киһи кэпсэтэ олорор эбит. Син балайда күүппүтүм кэннэ, сэһэргэһээччим кэбиниэтигэр дьэ ыҥырда.
“Олус уустук балаһыанньа… Оруобуна эн кэпсэтэ кэлбит тиэмэҥ. Онон дьону “бүөргүтүн олох харыстааҥ!” диэн сэрэтии кэм ирдэбилинэн буолла диэххэ сөп”, – диэн саҕалаата кэпсэтиибитин бырааһым.

– Марфа Николаевна, салайар тэрилтэҥ туһунан кэпсиириҥ буоллар. Дьоҥҥо олус туһалаах килииникэ эбит.

– Кэлиҥҥи сылларга сахарнай диабетынан ыалдьар дьон ахсаана элбээтэ. Ол ыарыылара, бастатан туран, бүөрдэригэр охсор. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн учуокка турар 500-тэн тахса диалиһынан эмтэнэр бүөр ыарыһах баар. Дьокуускайга Аныгы нефрология уонна диализ киинин отделениетыгар амбулаторнай гемодиализка бүөрэ хаппыт ыарыһах хаанын ыраастыыр 21 “искусственнай бүөрдээхпит”. Диализ киинигэр ыарыһахтар бүөрдэрин хаанын нэдиэлэҕэ үстэ 4 чаас устата ыраастаталлар. Манна сылдьар дьон орто саастара – 50-55 саас. Сүрүнннээн улуустартан кэлбит дьон. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги кииммитигэр гемодиа­лизка 88 киһи сыһыарыллан сылдьар. Кинилэртэн 8 киһи бүөрдэрин уларытан олордууга тас куораттарга уочаратын кэтэһэр. Биһиги кииммититтэн элбэх киһи Волгоградскай уобалас Волжскай куоратыгар баар Бүөрү уларытыы киинигэр бараллар. Ону тэҥэ Новосибирскай, Кемерово, Москва куораттарыгар эпэрээссийэҕэ ыытабыт.

Стадухин уулуссатын 81/4 баар гемодиализ отделениелаахпыт. Былырыын суукканы төгүрүччү үлэлиир 14 куой­калаах стационары аспыппыт. Манна диализка эрэ сылдьар дьону буолбакка, бүөр ыарыытыттан сэрэтэр үлэни эмиэ ыытабыт. ОМС-тан судаа­рыстыбаннай сорудах ылан, Лермонтов уулуссатын 83 №-гэр нефролог кэбиниэтигэр дьону босхо көрөбүт-истэбит. Уопуттаах нефрологтар киһи анаалыс туттарбытын кэннэ, терапевка ыйан ыытан, салгыы эмтэнэригэр сүбэлииллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ кииҥҥэ уочарат элбээтэ. 4-5 стадия­ҕа тиийбит бүөр ыарыы­лаах дьону булан, стационарга киллэрэн эмтиибит. Күн бүгүн учуок­ка 500-тэн тахса 3-с стадияҕа тиийбит киһи учуокка турар. Оройуоннарга нефролог быраас суох буолан, үгүс дьон киин куоракка көһөн кэлэн эмтэнэ сатыыллар. Идэтийбит нефролог быраас Дьокуускайга да аҕыйах. Дьиҥэр, исписэ­лиис тиийбэт диэн буолбатах, бааллар. Ол эрээри балыыһа аайы анал норматив баар. РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристэбэтин бирикээһинэн 50 тыһыынчаттан тахса кыра нэһилиэнньэлээх сиргэ нефролог быраас көрүллүбэт. Онон үгүс эмчит “ставка” аҥарыгар үлэлиир нормативтаах. Ол иһин улуустарга нефролог быраас көрүллүбэт. Онон үөһэттэн эрэ уларыйдаҕына, балаһыанньа көнөр кыахтаах.

БОЛҔОМТО – ОҔОҔО

– Бүөр ыарыытын сүрүн төрүөтэ тугуй?

– Бастатан туран, сахарнай диабет. “Диабетическая нефропатия” диэн тиэрмин баар. Бу ыарыылаах дьон быраас анаа­быт эмин хайаан да иһэ сылдьыахтаахтар. Ыарыылара тэнийэн хаалбытын кэннэ, ”икки анаммыт эмтэн биирин эрэ иһэбин” диир дьон баар. Ол эбэтэр быраас анаабытын ситэ толорон эмтэммэккэ, ыарыыларын баалатан кэби­һэллэр. Эбэтэр хааннарын баттааһына үрдүк дьон бүөрдэригэр охсор. Дьиҥэр дабылыанньалаах дьон сарсыарда эмтэрин иһэн күннэрин саҕалыахтаахтар. Хроническай ыарыылар: ревматизм, кыһыл “волчанка”, склеродермия, анемия ыарыылар төрүөттэрин эмиэ билэр наада. Холобура, анемиялаах дьон нефрологка буол­бакка, атын исписэлиистэргэ көрдөрүнэллэр. Дьиҥэр бу ыарыы бүөртэн саҕаланар. Хат дьахтар нефрологка ха­­йаан да көрдөрүөхтээх. Билигин бүөр ыарыһах ыччат элбээбитэ дьиксиннэрэр. Эн бу кэбиниэккэ киириэҥ иннинэ кэлэн барбыт күүстээх-уохтаах, оту-маһы кытта охсуһар саастаах уолаттар соторутааҕыта бүөрдэрин “уларытан” (трансплантация) кэллилэр. Ити 30-35 саастаах уолаттартан иккиэн оҕо сылдьан чаастатык ангиналыыр эбиттэр. Мин бастакы үөрэҕим – педиатр. Онон эдэр төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ: оҕо атаҕа тымныйарыгар, чаастатык ыалдьарыгар, ангиналыырыгар болҕомтолоох буолуҥ. Хайаан да эмчиккэ көрдөрүҥ.

АНААЛЫС ТУТТАРДАХХЫНА ЭРЭ БИЛЭҔИН

– Бүөрэ хатан эрэрин киһи хайдах билиэн сөбүй?

– Иик уонна хаан анаалыһын сотору-сотору туттарыахха наада. Өскө иик хойуу буоллаҕына, ол аата, тууһа элбэх буолар. Саахардаах хаан бүөрү сиир. Сыыһа-халты аһыыртан туттунуҥ. Диспансернай кэтээн көрүүгэ сылга биирдэ хайаан да сылдьыахха наада. Бүөр ыарыыта киһини ыһыытаппакка-хаһыытаппакка, биллэрбэккэ “сиир.” Анаалыскыттан эрэ билэҕин. Уонна сирэйиҥ-хараҕыҥ, ­илииҥ-атаҕыҥ иһиитинэн. Бүөр ыарыытын билэргэ анаалыс үс көрүҥүн туттарыахха наада: биохимическай уонна уопсай хаан анаалыстара. Маны таһынан, иигиҥ анаалыһын туттараҕын. Биохимическэй анаалыска үс-түөрт көрдөрүү уларыйда да, ол аата эйиэхэ “сигнал” кэлэр.

– Ол ханнык уларыйыыларый?

– Креатинин, гемоглобин, фосфор уонна альбумин уларыйыахтарын сөп. Иик уопсай анаалыһыгар белок суох, өҥө сырдык араҕас буолуохтаах. Өскө хойуу чэй курдук өҥнөөх уонна күүгэннээх буоллаҕына, ол аата “сигнал”. Ииккэ белок, лейкоцит (ириҥэ) олох суох буолуохтаах. Терапевт киһи анаалыһыгар уларыйыылаах буоллаҕына, УЗИ-га көрдөрөн баран, хайаан да нефрологка ыытыан наада.

НЬУРБАҔА – ДИАЛИЗ КИИНЭ

– “Диализ” диэн сахалыы өйдөбүлэ тугуй?

– Хааны ыраастаа­һын. “Гемодиализ” хааны ыраас­тыыр аппараат. “Перито­ниальнай” диэн ньыма баар. Ол эбэтэр киһи иһигэр туруупка (катетер) кэтэрдэбит. Онон бэйэтэ дьиэтин усулуобу­йатыгар хаанын ыраастанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэтигэр эмтэнэр 25 киһи баар. Маннык эмтэнэр киһиэхэ бары усу­луобуйаны тэрийэбит. 1,5 мөлү­йүөн солкуобайдаах анал аппарааты босхо биэрэбит. Тустаах эминэн толору хааччыйабыт. Ыарыһаҕы кытта тэйичччиттэн билсэ олоробут. Куоракка кэлэр кыахтара суох дьон дойдуларыгар эмтэнэллэр.

– Диализ киинэ биир эмэ улууска баар дуо?

– Нэһилиэнньэҕэ чугаһаан, маннык наадалаах киини улууска аһар бастакы саҕалааһын баар буолла. Ол курдук, Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева көҕүлээн, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев күүстээхтик өйөөн, биир тэрилтэҕэ өрөмүөҥҥэ үп көрөн, Бүлүү бөлөх улуустарыгар анаан бэс ыйыгар онно Диализ киинин аһаары сылдьабыт. Биһиэхэ биэрбит дьиэлэригэр биэс “искусственнай бүөрү” туруор­дубут. Тэрилтэбит үлэлээн бардаҕына, өссө 5-һи эбэн, барыта 10 “бүөр” 60 киһини хабан, бүөрдэрин ыраастыаҕа. Ыарыһахтар Ньурбаҕа анал киини аһан эрэрбитин истэн, “аны илин эҥээр улуустарга аһыаххыт дуо?” диэн ыйыталлар. Биллэн турар, өскө улуус­тар баһылыктара ылыстахтарына, ити боппуруос быһаа­рыллар кыахтаах. Маныаха Ньурба баһылыгын үтүө холобура баар.

ОҔУРУОТ АҺА ТУҺАЛААХ

– Диализ көмөтүгэр тиийбэт инниттэн, хайдах бэйэни харыстаныахха?

– Кэлин санаан көрдөхпүнэ, быра­быыталыстыбабыт “Саю­ри” курдук оҕуруот аһын сылы эргиччи олордон атыылыыр наһаа да улахан суолталаах бырайыагы олоххо киллэрбит эбит. Киһи аһыыр кэмигэр хайаан да оҕуруот аһын, фруктаны сиэхтээх. Аспыт сүрүннээн – бурдук ас, эт. Ол ас куртаххар өр буспакка, ииккин, биллэн турар, аһытар, бүөргүн мөлтөтөр. Онон оҕуруот аһа куртаҕыҥ ас буһарарыгар көмөлөһөрө хайаан да наада. Аны дьон олох ууну испэт. Үүттээх чэйи испиттэрин, ууну испит курдук ылыналлар. Саамай кутталлааҕа, дьон бакыаттаах чэйи иһэр. Ити «бөхтөн», чэй быылыттан (отход) оҥоһуллубут чэй бүөргэ-быарга ордук кутталлаах.

Кэпсэтиибитин нефролог быраас Марфа Бурцева “күн бүгүн доруобай сылдьан бүөрбүтүн харыстыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Ити үөһэ ахтан аһарбыт анаалыстарбын хайаан да кэмиттэн кэмигэр туттаран иһиҥ. Аһыыр аскытын көрүнэ сылдьыҥ уонна элбэхтэ ыраас ууну иһиҥ” диэн түмүктээтэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: