Салгыы
Марфа Пермякова: «Уот Дьулустаан» былыргы кэми устууга бастакы холонуубут

Марфа Пермякова: «Уот Дьулустаан» былыргы кэми устууга бастакы холонуубут

Ааптар:
24.01.2025, 16:53
Хаартыска: «Саха» НКИХ сериал сулууспата
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 27 күнүттэн “Саха” НКИХ ханаалыгар “Уот Дьулустаан” диэн саҥа сериал көстүөҕэ. Эрэллээх көрөөччүлэр номнуо күүтэн, кэтэһэн олорор буолуохтаахтар диэн таайабыт. Дьэ, ол иһин сериаллары оҥорон таһаарар сулууспа салайааччыта Марфа Пермякованы кытта кэпсэттибит. Санатар буоллахха, бу күннэргэ кэллиэгэлэрбит идэлэрин таһымын үрдэтэ, билиилэрин хаҥата Санкт-Петербург куоракка сылдьаллар.

Онон сулууспа үлэтин-хамнаһын бүгүҥҥү сонуннарын болҕойон ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

“Бу күннэргэ биһиги, “Саха” НКИХ сериал сулууспатыттан уон киһи, Киинэ уонна телевидение судаарыстыбаннай институтугар эбии үөрэхтээһин факультетыгар үөрэнэ сылдьабыт.

Үөрэхпит бырагыраамата икки хайысханан арахсар. Ол курдук, биһиги режиссура, кинодраматургия, киинэҕэ уус-уран быһаарыы, видеомонтаж уонна продюсердааһын, оттон уолаттарбыт звукорежиссура, оператор маастарыстыбата диэн хайысхаларга үөрэнэбит.

Үөрэхпит олус интэриэһинэй, ааттаах-суоллаах практик режиссердар, сценаристар, продюсердар уһуйаллар. Бэйэлэрэ сериалга, киинэҕэ үлэлээбит баай уопуттаах дьон буолан, преподаватель быһыытынан олус өйдөнүмтүөтүк, судургутук кэпсииллэр.

Ону тэҥэ үөрэхпит чэрчитинэн “Триикс Медиа” продюсерскай хампаанньа устар былаһааккатыгар сырыттыбыт. Манна биһиги “Следопыт” диэн саҥа уһулла сылдьар сериал үлэтин-хамнаһын билистибит. Бэлиэтээн этэр буоллахха, сериал экраҥҥа тахса илик. Улахан устар бөлөх үлэтин көрөн “биһиги эмиэ сүнньүнэн кинилэр курдук устар эбиппит” диэн түмүккэ кэллибит. Биллэн турар, кинилэр хамаандалара олус улахан, элбэх үлэһиттээхтэр. Онно тэҥнээтэххэ, биһиги бөлөхпүт олус чөкө.

Россияҕа киинэ устуутун саҕалаабыт “Ленфильм” павильонугар оператордар, звукорежиссердар уоту, камераны сөптөөхтүк туруорууга быраактыканы аастылар. Өссө манна тыас-уус оператора устар былаһааккаҕа үлэтин ымпыгын-чымпыгын көрдөрө-көрдөрө кэпсээбиттэрэ олус туһалаах буолла.

Кэллиэгэлэрбитин кытта иллэҥ кэммитигэр Россия култуурунай киинин бэлиэ сирдэринэн, түмэллэринэн сылдьан, идэбитинэн билиибитин хаҥатан сүргэбит көтөҕүлүннэ”, — диэн Марфа Пермякова эттэ.

— Марфа Даниловна, бэрт сотору “Уот Дьулустаан” диэн саҥа сериал күөх экраҥҥа көстүөхтээх. Бу туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
— Эрдэтээҥҥи үлэлэрбит мэлдьи 16-лыы сиэрийэлээх эбит буоллахтарына, бу үлэбит 20 сиэрийэлээх буолуоҕа. Сериал прозаик Валентина Гаврильева “Уот Дьулустаан” диэн сэһэнигэр олоҕурар. Биһиги ааптартан көҥүллэтэн, сценариспыт Катерина Григорьева-Кэрэмэс Сыдьаай сценарийынан уһуллубут.
Сорох дьон бу киинэбитин олоҥхо, номох жанрдаах диэн өйдөөбүт быһыылаах, оннук буолбатах. “Уот Дьулустаан” — дыраама. Манна ХХ үйэ саҕаланыыта, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы олох көстөр. Бэлиэтээн этэр буоллахха, бу биһиги атын үйэни, атын кэми устууга бастакы холонуубут.

— Сериал ханна уһулунна?
— Устар хамаанда сайын устата Таатта Чөркөөҕөр историко-мемориальнай комплекска үлэлээбитэ, сериалбыт манна уһуллубута. Режиссер — Елена Эверстова, оператордар — Дмитрий Сергучев, Гаврил Дьячков, звукооператор — Харысхан Нохсоров, линейнэй продюсер — Уйгулаана Портнягина. Худуоһунньугунан Валерия Черова үлэлэспитэ. Ону тэҥэ үлэбит көрөөччү дьүүлүгэр тахсыан иннигэр тыаһын-ууһун звукорежиссер Данил Еремеев, цветокоррекциятын, графикатын Вячеслав Игнатьев чочуйан оҥордулар. Онон саҥа, буруолуу сылдьар сериалбыт эфиргэ тахсарга бэлэм.

— “Уот Дьулустааҥҥа” кимнээх уһулуннулар?
— Бу бырайыакка биһигини кытта Ньурба, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын, Саха тыйаатырын артыыстара, Майатааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера уонна Чөркөөхтөөҕү, Ытык Күөллээҕи норуодунай тыйаатыр артыыстара үлэлэстилэр. Ону тэҥэ киинэбит уһуллубут Чөркөөх олохтоохторо эмиэ оруоллары толордулар. Биир сүрүн оруолу Таатта Ытык Күөлүн орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айтал Софронов оонньоото.

— Марфа Даниловна, сериал сулууспатын үлэтин инники былааннарын кыратык билиһиннэриэҥ дуо?
— Биһиги биир хамаандабыт олунньуттан саҥа сериалы устан саҕалыахтаах. Билиҥҥитэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Октябрина Шестакова сценарийынан уһуллар сериал университет устудьуоннарын, эдэр саас туһунан буолуоҕа. Онтон туруорааччы режиссер быһыытынан аан бастакытын Ярослав Касьянов бэйэтин холонон көрүөҕэ.
Сайынын атын бырайыактарбыт уһуллуохтара, былааҥҥа хас да сериал турар. Ол курдук, эһиил сериаллары таһынан уус-уран киинэ көрдөрөр былааннаахпыт. Сценарийдар номнуо чочулла сылдьаллар. Онон кэлэр сезоҥҥа көрөөччүлэрбитин интэриэһинэй бырайыактарынан үөрдүөхпүт диэн эрэллээхпит.

Кэпсэттэ Мария Санникова

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 января
  • -17°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: