Маргарита Денисова: «Бэрэсидьиэн норуот итэҕэлин ылла»

Share

РФ, СӨ үтүөлээх учуутала, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, «Арассыыйа бастыҥ учуутала» күрэс икки төгүллээх кыайыылааҕа, Дьокуускай куорат 2-с №-дээх Национальнай политехническэй орто оскуолатын учуутала Маргарита Денисова буолан ааспыт быыбар туһунан санаатын үллэстэр.

— Бу чахчы устуоруйаҕа киирэр быыбар буолар уонна дойду сайдыытыгар, аан дойдутааҕы уопсастыба иннигэр улахан суолталаах. Норуот санаатын тиэрдиитэ инникигэ эрэлин, итэҕэлин биллэрэр. Саха сирин ылан көрдөххө, быыбардааччылар хаһааҥҥытааҕар да көхтөөх кыттыыны ыллылар. Онон өрөспүүбүлүкэбит быыбардааччыларын 87%-на дойду сайдарын, бигэ туругун, күүстээх, көдьүүстээх буоларын таллылар.

Хас биирдии киһиэхэ бэрэсидьиэн быыбара бырааһынньык курдук буолла: дьон национальнай таҥастарын кэтэн, оҕолорун илдьэ дьиэ кэргэнинэн, эдэр ыаллар саахса кэнниттэн кэлэн, 100 саастаах ытык кырдьаҕастар, ол иһигэр, мин ийэм, 102 саастаах Иванова Федора Николаевна курдук бэтэрээннэр куоластаатылар, — диэн үтүөлээх учуутал санаатын тиэртэ.

Маргарита Денисова этэринэн, бэрэсидьиэн быыбарыгар Владимир Путин үрдүк көрдөрүүтүгэр Саха сирин, Уһук Илин олохтоохторун кини үлэтин сыаналааһыннара, федеральнай салалта өйөбүлүн билиниилэрэ, Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэр Юрий Трутнев хамаандатын, Ил Дархан Айсен Николаев үлэлэрин түмүгэ көһүннэ. Уһук Илин олохтоохторо Владимир Путины талбыт буоллахтарына, уокурук салгыы тэтимнээхтик сайдан иһиэҕэ.

Быйылгы бэрэсидьиэн быыбара Уһук Илин усутуоруйатыгар саамай маассабай буолла — быыбардааччы  73,7% кэлэн куолаһын биэрдэ (2018 сылга – 67,54%). Владимир Путины 86,6%-ра өйөөтө (2018 сылга – 67,78%). Саха сиригэр Владимир Путиҥҥа быыбардааччы   87,79 %-на куоластаата.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago