Эр хоһуун хотойбут
Силлибэт силистээх ийэ сир оҕото,
Самныбат саргылаах сахабыт уолана,
Эрэнэр эркиммит Эр хоһуун хотойбут
Эн буоллуҥ биһиэхэ туллубат тулуурбут.
Татыйык кэргэниҥ тапталын аатыгар,
Туотаайык чыычааҕыҥ дайарын туһугар
Ийэ сир дойдугун адьарай аймахтан
Иэстэһэ аттанныҥ алаһа дьиэҕиттэн.
Киҥкиниир киэҥ куйаар киэлилээх сирдэргин,
Киэҥ холку таһаалаах талбаарар күөллэргин,
Күөх нуолур хонуулаах өбүгэҥ алааһын
Көмүскүү туруннуҥ- тапталлаах кыраайгын.
Уол оҕо уйана-хатана буолаҥҥын
Уһуктаах өргөһү өрүтэ тутаҥҥын
Уот сэрии буруотун аһыытын амсайдыҥ,
Уйулҕа уһуктар туругун тулуйдуҥ.
Сахабыт сириттэн эҕэрдэ тиэрдэбит,
Саалаахтан самныбат саргыны аныыбыт,
Үс кутуҥ бөҕөргүүр сөрүөнү өрөммүт
Үөһээҥҥи айыыттан алгыһы ыытабыт.
Кыргыһыы хонуутун хорсуннаах хотойо
Кимиэллээх киирсиигэ хотуулаах эн буолаар,
Уот кыһыл былааҕы күөрэччи көтөҕөн
Кыайыыттан кыайыыга дабайан эн тахсаар.
Өстөөҕү өһөрөр өрөгөй үрдээтин,
Өксүөннээх күннэрбит күдэҥҥэ көттүннэр,
Үс саха үөрүүтэ үөрдүһэ үксээтин,
Үйэттэн үйэҕэ күлүмнүү күндээрдин!
Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Бу туһунан И.М.Сосин "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар. Тымныы кыһын буоларыгар:…
Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…
Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта. Төрүт сахалыы эйгэни…
Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп. Түүн…
2025 сыл талааннаах бастыҥ ыччатынан Эрхаан Слепцову ааттыыбыт. “Айхал” диэн Дьулусхан Андросов таһаарбыт сахалыы киинэҕэ…
Айсен Николаев ахсынньыга Туһаайан этиитигэр ааспыт сыл ситиһиитин кэпсээтэ, кэлэр сылларга сайдыы тосхолун торумнаата, парламент,…