Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолата биир симиэнэҕэ көстө
2025 сыл тохсунньу 13 күнүттэн Дьокуускай куораттааҕы Марха 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата биир симиэнэҕэ көстө. Бу бэлиэ түгэн оскуолабыт сайдарын туһугар улахан үлэ ыытыллан уонна элбэх киһи сыратын ууран ситиһилиннэ.
326 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан, оскуола биир симиэнэҕэ көһөр кыахтанна. Мантан инньэ үөрэнээччилэрбит эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларынан дьарыктанар, куруһуоктарга, сиэксийэлэргэ сылдьар кыахтаннылар. Уруок кэнниттэн эбии эрчиллэр бөлөх (группа продленного дня) үлэтин тута ыытара, оҕолору биирдиилээн үөрэтэр кыаҕы үөскэттэ.
Төрөппүттэр, үөрэнээччилэр, учууталлар биир симиэнэҕэ көһүүнү биһирээбиттэрин биллэрэллэр.
Үөрэх биир симиэнэҕэ көһүүтэ Марха 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар үөрэх эйгэтэ тупсарыгар улахан хардыынан буолла. Саҥа дьиэ тутуллан уонна үөрэх кыттыылаахтара бука бары күүстэрин ууран, билигин биһиги оҕолорбут хаачыстыбалаах билиини ылаллар, эргиччи сайдар кыахтаннылар. Бу уларыйыылар инникитин оҕолорбутугар саҥа саҕахтары арыйыахтара, улахан ситиһиилэри ылалларыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэллээхпит. Бу туһунан Марха 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын Вконтакте ситимигэр суруйаллар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: