Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Анатолий Алексеев иһитиннэрдэ.
«Өлүөнэ өрүскэ муус аллараа кырыыта Алдан өрүс алын төрдүгэр турар. Бу түүн Нам улууһугар уу таһыма кутталлаах көрдөрүүлэргэ тиийэн уонна таһыгар тахсан, халаан уута күүскэ ааста. Түүн бөҕөргөтөр үлэлэр ыытылыннылар, сарсыарда оҥоһуллубут бэрэбиэркэ түмүгүнэн, харыы көстүүтэ суох», – диэтэ Анатолий Алексеев.
Бэҕэһээ 18.30 чааска Бүлүү өрүскэ Сата Арыыга муус салгыы хамсаата, бу иннинэ манна харыы турбута.
«Марха өрүскэ Дьаархан сэлиэнньэтин аннынан уу таһыма сыыйа-баайа түһэр. Бэҕэһээҥҥиттэн ыла Дьаархан аннынан уу таһыма 2 миэтэрэттэн ордук түстэ. Хоронон муус хойуутук ааһара бэлиэтэммитэ. Хатырык Хомоҕо хамсааһын баарын көрдүбүт, бүгүн бу учаастакка муус ааһара күүтүллэр. Уу өрүс төрдүгэр тахсара ыам ыйын 20-22 күнүгэр күүтүллэр», – диэтэ миниистири солбуйааччы.
Дьааҥы өрүскэ «Дьааҥы-Баатаҕай» учаастакка ырбыы уонна уу кыралаан түһэрэ бэлиэтэннэ.
Муус Үөһээ Халыма сиригэр-уотугар түргэнник барар.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев эрэгийиэн былааһын уорганнарыгар уонна муниципалитеттарга нэһилиэнньэлээх пууннарга халаан уута куттала суох ааһарын, дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал суоһаабатын хааччыйар дьаһаллары ылалларыгар соругу туруорбута. Мониторинг ыытарга 200-тэн тахса гидрологическай пост тэрилиннэ. Нэһилиэнньэни ууга барбыт сирдэртэн көһөрөр наада үөскээтэҕинэ, 23,2 тыһыынча миэстэлээх быстах кэмҥэ үлэлиир 267 пуун эрдэттэн тэриллибитэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…